Сахамин Афанасьев: “Биһиги уолаттарбытын ытыктыыллар, сыаналыыллар” (видео)

Share

“Сэмсэ санаа” биэрии уочараттаах таһаарыытыгар  Ил Түмэн Халыма-Индигир уокуругуттан норуот дьокутаата, сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев  ыалдьыттаата. Кэпсэтииттэн быһа тардыыны таһаарабыт.

“Барс-2” хамандыыра – биллэр спортсмен

– Сахамин Милано­вич, бу күннэргэ Луганскай Норуодунай Өрөспүү­бүлүкэҕэ сылдьан, Саха сириттэн сылдьар ба­­йыастары көрсөн, гуманитарнай көмөнү тириэртигит. Дьэ, билиҥҥитэ ба­­йыаннай дьайыы сиригэр быһыы-майгы  хайдаҕый?

– Саха сиригэр добровольческай этэрээти бэлэмнииргэ  күүстээх үлэ бара турар. Бу көҕүлээһини  Ил Дархан Айсен Николаев  өйүүр. Бу үлэни  ба­­йыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Петрович Черкашин сүрүннүүр.  Онно сулууспа­лаабыт уонна  байыаннай дьа­йыыларга кыттыбыт уолаттары мунньан, күүстээх инструктордары хомуйан, баҕа  өттүнэн сулууспалыан баҕалаах уолаттары бэлэмнииллэр. Манна кыттарга доруобуйаҥ туруга үчүгэй,  байыаннай учуотунай исписээлинэстээх буоларыҥ таһынан, араас тактическай ньымаларга эппиэттэһиэххин уонна үөрэниэххин наада.

Байыаннай дьайыыга сылдьар  “Барс-2” батальоҥҥа Арассыыйа 12 субъегыттан байыастар киирэллэр.  Бу батальону биир дойдулаахпыт, биллэр спортсмен хамаандалыы олорор эбит. Билигин аатын-суолун этэр эрдэ. Солбуйааччылара эмиэ биһиги уолаттарбыт. Онон, батальон хамандыырын  ыҥырыытынан мин уонна Иван Петрович Черкашин буолан, байыаннай дьайыылары сиһилии билис­тибит. Итиэннэ Ил Түмэн дьокутааттара хомуйбут гуманитарнай көмөлөрүн  тириэртибит.  “Боотур” этэрээт эмиэ “Барс-2” иһинэн киирэр. Манна
“Барс-2” батальона 47-с тааҥкабай дивизия састаабыгар киирэннэр, улахан плацдармы тутаннар, сулууспалыы сылдьаллар. Онно тиийэн билсэн-көрсөн, кэпсэтэн, кыһалҕаларын иһиттибит.

– Донецкайдааҕы тирэх пуун хайдах үлэлии турар?

– Билигин өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн иккис тирэх (опорный) пуун аһыллан эрэр. Тэнийиибит киэҥэ бэрт буолан, барытыгар биир пуун үлэлиир кыаҕа суох. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан улуус баһылыктара, дьокутааттар, тэрилтэлэр салайааччылара, уоп­састыбанньыктар биирдиилээн тиийэн  уолаттарын көрсөллөр. Итини мин  сулууспалыы сылдьар уолаттартан  бэйэлэриттэн иһиттэхпинэ, бу маннык сырыылары кинилэр саамай сөптөөх дьайыынан ааҕаллар.

Билигин аны суруналыыс­тарбыт инники күөҥҥэ тии­­йэр буоллулар. Мин итини  хайгыы көрөбүн. Сулууспалыы сылдьар уолаттар олохторун-дьаһахтарын, туох үлэ бара турарын дьоммутугар-сэргэбитигэр кистээбэккэ аһаҕастык кэп­сиэхтээхпит, көрдөрүөхтээхпит.

“Барс-2” батальон үлэтин сиһилии билистим. Ыстаапка  “допуск” биэрэннэр онно сырыттым. “Кыһыл зонаҕа” хайаан даҕаны бронежилет, каска ирдэнэр эбит.  Оннуктаах эрэ буоллаххына инники күөҥҥэ  тэҥҥэ сылдьыһар бырааптааххын. Ити – ирдэбил. Маны таһынан, анал  инструктаж ааһаҕын.

Ыстаапка сылдьан  уолаттар үлэлэрин билистим. Биһиги уолаттарбыт байыаннай учуотунай исписээлинэстээх  буоланнар, саамай наадалаах үлэлэргэ  сылдьаллар эбит. Холобур, байыаннай суоппар идэлээх  уолаттарбыт зенитнэй расчеттарга  тураллар.  Баҕа өттүнэн сулууспалыы быраас, эколог, суоппар идэлээх биир дойдулаахтарбыт, биллэр спортсменнарбыт кэлбиттэр.  Уолаттары кытары кэпсэттэххэ, дойдубутун көмүскээри, уолаттарбытын кытары бииргэ буолаары, батальоммут хамандыырын өйөөрү бу манна кэллибит дииллэр.

Биһиги уолаттарбыт ба­­йыаннай бэлэмнээх, дьоҕур­даах  буоланнар, дивизия командованиета  кинилэргэ бу Саҥа дьыл саҕана званиеларын үрдэппит.  Батальон хамандыыра подполковник буолбут. Икки солбуйааччыта майор. Бу улахан ситиһии дии саныыбын. Ыстаабы, полковай разведканы, дивизионнай артилле­рияны, тааҥкабай соедине­нияны, авиационнай подразделениены кытта бииргэ үлэлэһиини тэрийбиттэр. Ол хамандыыртан уонна  ыстааптан тутулуктаах. Аны уолаттар инники күөҥҥэ сылдьаллар.

– Оччоҕуна биһиги добро­волецтарбыт идэтийбит байыастар буоллаҕа?

– Оннук. Идэтийбиттэр. Бу батальон сүрүн хайысхата, нууччалыы эттэххэ, спе­циализацията – штурмовай батальон диэн . “Барстар” – доброволецтар,  контрактниктар. Кинилэр үлэлэрэ – инники күөҥҥэ сылдьыы. Холобур, уҥа өттүгэр позицияны ЧВК “Вагнер”  тутан олорор. Онтон бу позицияны биһиги уолаттарбыт – “барстар”.  Кэтэхтэринэн – мобилизованнайдар өйөбүлгэ эмиэ бааллар.

Отучча наҕараадаҕа түһэрбиттэр

– Командование биһиги буойуннарбытын хайдах сыаналыыр эбитий?

– Биһиги уолаттарбытын сүрдээҕин убаастаан, үлэлэрин сыаналаан, отучча наҕараадаҕа түһэрбиттэр. “Эр санаа” уордьаныгар, “Хорсун быһыы”, Кутузов мэтээллэригэр уонна да атын наҕараадаларга. Докумуоннарын оҥорон РФ Оборонаҕа министиэ­ристибэтигэр ыыппыттар.

Аны төннөн иһэн, Луганскай салалтатын кытары көрсүбүппүтүгэр, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ наҕараадаларын эрдэ мобилизацияламмыт уонна “Боотур” уолаттарыгар туттараарыҥ диэн биһиэхэ боломуочуйа биэрбиттэрэ. Ааспыкка сороҕун туттардыбыт.

Маны таһынан, мобилизованнайдары көрүстүбүт. Уолаттар туруктара үчүгэй. Командованиеларын кытары уопсай тыл булан, үчүгэйдик сулууспалыы сылдьаллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн элбэх гуманитарнай көмө оҥоһуллар. Ол логистикатын, тиэйии-таһыы үлэтин чопчу көрдүм. Мунньуллубут гуманитарнай көмө холобур, Луганскай хайысхатынан  барыта тиийэр. Саллааттарга оҕолор суруктара тиийэн, ону сыа-сым курдук тутан илдьэ сылдьаллар. Дойдуларыттан кэлбит баһыылкалары үл­­лэстэн, дойдуларын ахтылҕанын таһаараллар эбит. Маны таһынан, Луганскайга биһиги ОМОН-нарбыт этэрээтэ сулуус­палыы сылдьар. Кинилэр эмиэ атын хайысханан үлэни ыыталлар. Онон биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн ыҥырыллыбыт уолаттар  түөрт ха­­йысханан сулууспалыыллар.

Уолаттар Саха сирин сонуннарын күн аайы ааҕа олороллор. Ордук сахалыы ааҕаллар. Сонуҥҥа наадыйаллар. Үчүгэй, үтүө сонуну аахтахтарына, олус үөрэллэр.

Килиимэт уларыйыыта

– Сахамин Миланович, Ил Түмэҥҥэ экология сис кэмитиэтин салайаҕын. Бу күннэргэ Килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруос­тарыгар норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолар. Онно сүрүн дакылааты эн оҥоруохтааххын. Уопсайынан, кэлиҥҥи кэмҥэ, килиимэк­кэ болҕомто хаһааҥҥы­тааҕар да улаатта.

– Олорор эйгэбитин үөрэтии, килиимэт дьайыыта, туох уларыйыы бара турара хас биирдии киһини долгутар. Кэлиҥҥи сылларга сайын аайы ойуур баһаардара тураллар. Аны сааскы халаан уута бүтүн нэһилиэктэри, олорор дьиэлэри ылан, элбэх кыһалҕаны үөскэтэр. Ирбэт тоҥ ирии­тэ эмиэ долгутуулаах. Бу айылҕа содулугар ким эппиэттиэхтээҕий, дьон олоҕор охсуу­лаах дуу, суох дуу диэн улахан бөлүһүөктүү боппуруос турар. Туох миэрэни ылаҕыт, үлэни ыытаҕыт дуу,  суох дуу диэн нэһилиэнньэ Ил Дархаҥҥа, бырабыыталыстыбаҕа, Ил Түмэҥҥэ сытыы боппуруостары биэрэр.

Экология эйгэтигэр балайда үлэлээтим. Киһи дьа­йыыта айылҕа уларыйыытыгар баарын билэбин. Билигин тахса турар  айылҕа быһы­лааннара: халаан, ойуур ба­­һаардара бүгүн эрэ буолбатахтара, учуонайдар этэллэринэн, цикличнэй. Былырыын Айсен Сергеевич  килиимэт уларыйыытыгар туһуламмыт аан дойдутааҕы таһымнаах  мунньаҕы ыытыахха диэн этэн турар. Онон ки­­лиимэт уларыйыытын чинчи­йиигэ научнай үлэһиттэр, ­учуонайдар оруоллара улахан. Кинилэргэ уонунан сыллар­дааҕы чахчылар, чинчи­йиилэр  бааллар. Ол онно олоҕуран сөптөөх быһаарыныыны, ­уураахтары ылынан,  үбүн-харчытын көрөн дьаһаныллыах­таах.

– Ол аата, судаарыс­тыбаннай быһаарыныылар билимҥэ олоҕуруох­таахтар диэн буоллаҕа.

– Оннук. Билимэ суох судаа­рыстыбаннай быһаарыныылары ылар, мин санаабар, сыыһа. Билим кэтээн көрүүтүгэр, чинчийиилэригэр  олоҕуран биирдэ дьаһаныллыах­таах. Оччотугар биирдэ бүддьүөт харчытын туһаныы быдан көдьүүстээх буолар.

– Дакылааккар сүрүн боппуруоһу тугу таары­йаҕын?

– Сүрүн кэпсэтии килиимэт уларыйыытын, мөкү дьайыыларын тула кэпсэтии буолар. Холобур, килиимэт уларыйыытыгар сайын антициклон кэллэҕинэ, бэс ыйыгар, от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар биир да хааппыла сөҥүү түспэтэҕинэ, кураан туран, баһаарбыт өрө  турар. Килиимэт уларыйан, температура халбаҥ­наан, сайын баһаарынай кы­­лаас үрдүүр, кыһынын 50-60 кыраадыска диэри дөйө тоҥуу буолар.

Саха сирэ ирбэт тоҥнооҕунан биллэр. Бу олорор дьиэбит, атын да тутуулар ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар анаан, эспэртиисэни ааһан тутуллан тураллар, Холобур, ити Турцияҕа улахан сир хамсааһына буолла. Дьиэ бөҕөтө суулунна, үгүс киһи суорума суолланна. Улахан иэдээн таҕыста. Биһиги дьиэлэрбит ирбэт тоҥҥо тураллар. Килиимэт сылыйар түгэнигэр, ирбэт тоҥ ирэн тутуулар сууллуохтарын сөп.

– Ирбэт тоҥ сокуонунан көмүскэллээх буолуохтааҕын туһунан сокуон барыла оҥоһуллан ылыныллыбыта. Бу сокуон  федеральнай таһымнаах буолуохтаах  диэн кэпсэтии баара…

– Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу боппуруоска эмиэ бастакынан суол тэлэн үлэлээн эрэр. Ирбэт тоҥ института үлэлээбитэ үйэ чиэппэриттэн таҕыс­та. Бу институт улахан үлэни ыытан турар. Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар тутууну хайдах ыытыахха сөбүн туһунан. Килиимэт уларыйар түгэнигэр аллараа сытар ирбэт тоҥмут эмиэ улары­йар. Холобур, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан  алаастара алдьанан-кээһэнэн тураллар. Ити аата, кылгас кэмҥэ – 30-40 сыл иһигэр уларыйыы барбытын биһиги көлүөнэ дьон көрө сылдьабыт. Урут сөмөлүөт түһэр бааһынатыгар са­­таан дьиэ туттубаккын. Барыта оллур-боллур буолбут. Ити аата, уларыйыы бара турар. Ол иһин 2014 сылтан биһиги со­­куон оҥорор дьоммут, уопсастыбанньыктар, билим үлэһиттэрэ күүскэ турунаннар,  Владимир Прокопьев көҕүлээһининэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакытын Ирбэт тоҥу харыстыыр туһунан сокуону ылыммыттара. Бу кыһалҕа Саха сирин эрэ таарыйбат. Арассыыйа хоту сытар эрэгийиэннэрэ эмиэ ирбэт тоҥҥо тураллар. Онон, биир эрэ эрэгийиэн тыын суолталаах кыһалҕата буолбатаҕын өйдөөннөр, Владимир Путин ирбэт тоҥ үөрэтиллиэхтээх  диэн туһааннаах сорудаҕы биэрэн турар. Инньэ гынан, судаарыстыбаннай бэлиитикэ буолан, федеральнай сокуоҥҥа эмиэ уларыйыылар киирдилэр.

Билигин кэтээн көрүү метео­рологическай ыстаансыйаларынан эрэ барар. Оттон биһиги геотиэхиньиичэскэй, өссө дириҥ кэтээн көрүүнү туруорсабыт. Онон ити сокуон салгыы кэҥиэхтээх.

Хотугу таһаҕаһы тиэйии

– Аҕыйах хонуктааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Хотугу таһаҕаһы таһыы сокуона киирдэ. Мин билэрбинэн, икки сокуон тахсыахтаах. Бу сокуоннар туһунан ааҕаач­чыларбытыгар сырдатарыҥ буоллар.

– Сокуон ылыллыахтааҕын туһунан СӨ бырабыыталыстыбата, Ил Түмэн туруорсубута ыраатта, арааһа, сүүрбэччэ сыл буолла быһыылаах. Мин үлэһит буолуохпуттан өйдүүбүн. Элбэх кэпсэтии, дьүүллэһии тахсыбытын үрдүнэн,  сокуон билиҥҥээҥҥэ диэри ылыныллыбакка  турар.

– Федерация хотугу таһа­ҕаһы тиэйиини субъекка аҥаардастыы сүктэрэн баран сылдьар дии…

– Субъект бэйэтин үбүнэн-харчытынан таһаҕаһы таһыыга улаханнык ороскуотурар. Бүддьүөккэ олус улахан ноҕурууска Социальнай эйгэтин сайыннарбакка, оҕо уһу­йааннарын, оскуолалары туппакка, хоту улуустарга чоҕу, ньиэп бородууктатын  таһыыга үлүгэрдээх үбү  тыырар.

Бу боппуруоһунан Ил Дархан Айсен Николаев  федеральнай кииҥҥэ элбэх  кэпсэтиилэри ыытта. Маны таһынан, спикер Алексей Еремеев икки нэдиэлэ анараа өттүгэр, Арктическай пуорумҥа ту­­һааннаах боппуруоһунан улахан дакылааты оҥорбута. Ол түмүгүнэн, сокуон ылыллыытыгар өрөспүүбүлүкэ туруорсуута  иһиллэн, олоххо киириэх курдук буолла.

Хоту таһаҕаһы таһыы диэн тутула тугуй? Холобур, бэн­сиин Дьокуускайга 50 солкуобай буол­лаҕына, хоту 100 солкуобайга тиийэр. Тоҕо оннук буоларый? Тиэйии-таһыы орос­куота бэрт. Уунан, сиринэн таһыы үгүс үбү эрэ­йэр. Ону өрөспүүбүлүкэ уопутун учуоттаан туран, билигин маннык буолла. Федеральнай  сокуон боломуочуйаны тыыран эрэр. Ол, биһиги санаабытыгар, улахан ситиһии. Бастакы категориялаах таһаҕаһы, ол иһигэр оттугу, уматыгы Арассыыйа бэйэтигэр ылынар. Ол аата, биһиги бүддьүөппүтүгэр ба­­һаам харчы кэмчилэнэр.

Иккис категория таһаҕас – өрөспүүбүлүкэ боломуочу­йатыгар. Ол эбэтэр аһы-үөлү, таҥаһы-сабы тиэйии. Сокуон бу маннык кэнсиэпсийэнэн ылылыннаҕына, биһиги абыранабыт.

Бу сокуон ылыныллыытыгар үс этиилээхпит. Бастатан туран, биһиги боломуочуйаланар буоллахпытына, аһы-үөлү таһарга субсидия ту­­руорсабыт. Ол субсидия тус сыаллаах буолуох­таах. Иккиһинэн, нэһилиэнньэ туһанар  ГСМ хоту таһыыга тырааныспарын ороскуотун субсидиялааһын. Үсүһүнэн, олохтоох бэйэни салайыныы хоту таһаҕаһы таһыыга туох оруоллааҕый уонна туох үлэни ыытыахтааҕый диэн 131 федеральнай сокуону чопчулуурга туруорсабыт.

Ойуур баһаардара

– Сахамин Миланович, ойуур баһаардарыгар төнүннэххэ, үп-харчы көрүллүүтэ уларыйбыта, уопсайынан, быйылгы быһыы-майгы хайдаҕый?

– Баһаар боппуруоһа ордук Красноярскай кыраайга уонна Саха сиригэр сытыытык турар. Красноярскай боппуруоһун өссө биһиги иннибитигэр быһаарбыттара. Биһиэхэ үбүлээһин боппуруоһа кыайтарбакка сылдьыбыта. Биир гектарга 6 солкуобай эрэ көрүллэрэ. Бу Арассыыйа таһымынан саамай кыра көрдөрүү этэ. РФ премьер-миниис­тирэ Михаил Мишустин, Уһук Илин боломуочунайа Юрий Трутнев кыттыылаах элбэх мунньахтар ыытыллыбыттара. Онно Айсен Сергеевич ба­­һаар умулларыыта экэниэмикэтэ, үбэ-харчыта суох, аҥаардас ба­­йыастарбыт уонна нэһилиэнньэ көмөтүнэн умулларарга табыгаһа суох диэн этэн турар. Сүрүн мунньах 2021 сыллаахха атырдьах ыйыгар Владимир Путиҥҥа буолбута. Айсен Сергеевич этиитин ылынан, Владимир Владимирович Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ойуур баһаардарын умулларыыны үбүлээҥ диэн быһаччы сорудах биэрбитэ. Ол сорудах олоххо киирэн, үбүлээһин кээмэйэ улаатан, холобур, быйыл Арассыыйаттан 1 млрд  600 мөл. солк. кэлэр. Урут баара-­ суоҕа 400 мөл. солк. эрэ кэлэрэ. Бу бачча улахан иэннээх эрэгийиэҥҥэ. Өрөспүүбүлүкэ эмиэ үбүлүүр. 900 мөл. солк. курдук көрүллэр. Умулларар зонабыт кээмэйэ эмиэ улаатта. Онон онно эмиэ эбии үп көрүллүөхтээҕин туруорсабыт.

– Сахамин Миланович, кэлэн ыалдьыттаабыккар махтал, үлэҕэр ситиһиилэри!

Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Анивера Акимова, Чокуур Гаврильев

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

6 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

8 часов ago