Сахамин Афанасьев: «Бүгүҥҥү күн — Саха сирин олохтоохторугар ураты суолталаах күн»

Сахамин Афанасьев: «Бүгүҥҥү күн — Саха сирин олохтоохторугар ураты суолталаах күн»

Ааптар:
27.04.2024, 09:51
Василий Кононов хаартыската
Бөлөххө киир:

Ытыктабыллаах Сахам сирин олохтоохторо!

Эһигини барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэммит күнүнэн ис сурэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бүгүҥҥү күн — Саха сирин олохтоохторугар ураты суолталаах күн. Ол курдук биһиги, элбэх омуктаах норуот, биир сомоҕо буоламмыт Ийэ дойдубутугар – улуу Арассыыйабытыгар уонна Өрөспүүбүлүкэбитигэр ытыктабылбытын биллэрэр бэлиэ күммүт.

1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ. 70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона ылыллыбыта. Бу историческэй суолталаах түгэннэр чэрчилэринэн күн бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит бүтүн Арассыыйа Федерациятыгар тутаах суолталаах эрэгийиэн буола үүнэ-сайда турар.

Биһиги сүрүн баайбыт – үтүө санаалаах, сүдү талааннаах, муударай өйдөөх, өрөспүүбүлүкэбит кэскиллээх суолун тутар үлэһит дьоммут буолаллар. Кинилэр дьаныардаах үлэлэринэн инники сайдыыны түстүүллэр.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Биһиги хас биирдиибит тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын туһугар бары күүспүтүн түмэн айыахха-тутуохха, гражданскай уопсастыбаны бөҕөргөтөргө уонна сайыннарарга туруулаһыахха!

Барыгытыгар дьолу-соргуну, чэгиэн-чэбдик буолууну, үлэҕитигэр уонна тус олоххутугар ситиһиилэри баҕарабын!

Арассыыйа Федерациятын сенатора Сахамин Афанасьев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: