Хаартыска: Ил Түмэн пресс-сулууспата
РФ сенатора Сахамин Афанасьев Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин сүрүн түгэннэриттэн санаатын үллэһиннэ.
Сенатор бэлиэтээбитинэн, Айсен Николаев этиитэ биһиги дойдубут аныгы ыҥырыыларыгар уонна соруктарыгар сөп түбэһэр.
«Айсен Сергеевич Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитиэр социальнай уонна экэнэмиичэскэй хайысхаларга тохтоото. Олортон сүрүн соруга – байыаннай сулууспалаахтар социальнай адаптацияларыгар үлэ бары хайысхаларынан күүһүрүөхтээх. Бары кыһамньыбытын холбоон, кинилэри өйүөххэ уонна кыһалҕаларын быһаарыахха наада», — диэн парламентарий бэлиэтээтэ. Итини кытта оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ улахан суолталаах этиилэр туруорулуннулар, кинилэр бигэ туруктаах буолуулара сайдыахтаах, үүнүөхтээх диэн Сахамин Миланович эбэн эттэ.
«Аҕыйах хонуктааҕыта бэлиэтээн эттэххэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа ХХІ сийиэһигэр Владимир Путин «Время Героев» федеральнай бырайыагы кэҥэтэргэ этии киллэрбитэ уонна, бүгүн, Айсен Сергеевич 2025 сыл саҕаланыаҕыттан инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатын баазатыгар «Время Героев» өрөспүүбүлүкэтээҕи каадыр бырагырааматын тэрийэргэ сорудахтаата», — диэн Сахамин Афанасьевич санаатын үллэһиннэ.
Сенатор этэринэн, Ил Дархан көҕүлээһиннэрэ – инникигэ чопчу быһаарыылар. 2025 сыл Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэриллиннэ.«Айсен Сергеевич туруорбут бары соруктара толоруллуохтара диэн эрэнэбин», — диэн кини түмүктээтэ. Ил Түмэн пресс-сулууспата
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…
От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан байыаннай дьайыы 32 кыттыылааҕа уонна байыаннай сулууспалаахтар 85 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ…
Бу сыл тохсунньу 10 күнүгэр буруйдаах дьахтар Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэрин дириэктэрин дуоһунаһыттан ууратыллыбыта.…