Бэҕэһээ Кириэмил Улахан дыбарыаһын Андреевскай саалатыгар бэрэсидьиэн солотугар киириитин сиэрэ-туома буолла. Саха сириттэн Ил Дархан Айсен Николаев, «Общероссийский народный фронт» салаатын исполкомун салайааччы Валерий Лютай, Буойуннар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин чилиэнэ, ДНӨ тирэх пуунун волонтера Марина Бахилина, РФ сенатордара Егор Борисов, Сахамин Афанасьев, Госдуума дьокутааттара сырыттылар.
— Аан дойдуга, Арассыыйаҕа, Саха сиригэр устуоруйаҕа киирэр улахан түгэн буолла. Инаугурация кэмигэр мин дойдубунан киэн туттуум, бэрэсидьиэммитин кытта дойдубут инникитигэр эрэлим күүһүрдэ. Биир дойдулаахтарбытыгар бэрэсидьиэн быыбарыгар өйөбүлгүт иһин махтаныахпын баҕарабын, — диэн Сахамин Афанасьев эттэ. Бэрэсидьиэн Владимир Путин этиитин мустубут дьон эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду чуумпуран иһиттэ.
«Бэрэсидьиэн норуокка сулууспалыыр ытык иэстээх, ол иһин судаарыстыба бигэ туругун уонна норуоттарын харыстааһынын үрдүктүк тутуллар. Арассыыйа дьылҕатын, билиҥҥи уонна инники көлүөнэлэрин дьылҕаларын биһиги эрэ быһаарабыт. Онон бары биир сомоҕо буолан, сайдыы суолун таба тутан, бэйэбит сыаннастарбытын, көҥүлбүтүн күөмчүлэтиэ суохтаахпыт.
Арассыыйа эрэгийиэннэригэр билигин өр сыллаах былааннар, баараҕай бырайыактар былааҥҥа тураллар. Биһиги биир улуу норуот буолабыт уонна туох баар ыарахаттары туораан, санаабыппытын олоххо киллэриэхпит. Бары бииргэ кыайыахпыт!», — диэн Владимир Путин эттэ.
Ил Дархан, Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…
Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…
«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…
Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…
Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…
Сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, Ил Дархан анал истипиэндьийэлэрин Туоһу суруктарын туттарыы үөрүүлээх…