Саханефтегазсбыт» АХ
«Саханефтегазсбыт» АУо кыһыҥҥы суолунан Саха сирин ыраах сытар уонна уустук суоллаах нэһилиэнньэлээх пууннарга таараламмыт ньиэби тиэйиини ситиһиилээхтик түмүктээтэ. СӨ Оборуона министиэристибэтэ туруорбут былаана 100% туолла.
Былаан быһыытынан кыһыҥҥы суолунан 2198 туонна таараламмыт ньиэп Саха сирин араас оройуоннарыгар тиэрдиллэн, уматыгынан 84 нэһилиэнньэлээх пуун хааччылынна.
Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Усуйаана, Булуҥ, Аллайыаха, Абый, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Өлүөхүмэ, Анаабыр уо.д.а. Арктика улуустарын оройуоннарыгар уматык тиэрдилиннэ.
Маны таһынан, таараламмыт ньиэбинэн Амма, Уус Алдан, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Хаҥалас, Кэбээйи, Алдан оройуоннарын уустук нэһилиэнньэлээх пууннара хааччылыннылар.
«Таараламмыт ньиэбинэн туһаааччыларынан уустук суоллаах нэһилиэктэр уонна тыа сиригэр АЗС уонна КАЗС суох, чааһынай бас билээччилэри ураты, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, кэпэрэтииптэрэ, балыктааһын, бултааһын, табаны иитии салааларын тэрилтэлэрэ, уо.д.а. буолаллар. Таараламмыт ньиэбинэн хааччыйыы тэрилтэ социальнай суолталаах хайысхата. Тырааныспар ороскуоттарын тэрилтэ бэйэтэ уйунар,», — диэн «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Виктор Лебедев бэлиэтээн эттэ. Таараламмыт ньиэбинэн туһанааччылар сылы эргиччи тырааныспар ситимэ суох сэлиэнньэлэр туһаналлар диэн кини быһаарда. «Хас да нэдиэлэ уонна ый устата бу нэһилиэктэр суол суох буолаллар, онон ньиэбинэн хааччыйыы улахан суолталаах», — диэн бэлиэтээтэ генеральнай дириэктэр.
Бу күннэргэ «Саханефтегазсбыт» АУо филиаллара халаан уута ааһарыгар уонна сайыҥҥы навигация саҕаланыытыгар бэлэмнэнэллэр.
«Саханефтегазсбыт» АХ пресс-сэкирэтээрэ Яна Байгожаева
Ахсынньы 8 күнэ үүнэр түүнүгэр быыһааччылар Дьокуускай аттыгар ойуурга муммут дьону буллулар. Бу туһунан Быыһыыр…
Эһиил муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэри уонна судаарыстыбаттан бэриллэр биэнсийэлэри 6,8% үрдэтиэхтэрэ. Бу туһунан…
СӨ Дьокуускай куоратын борокуратуурата бэрэбиэркэ ыытан, 68 саастаах куорат олохтооҕо төлөпүөн нөҥүө үлэлиир түөкүннэр албыннарыгар…
«Почта России» Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар иннилэринэ биэнсийэни уонна социальнай төлөбүрдэри тиэрдии бэрээдэгин туһунан иһитиннэрэр. Ахсынньы…
Саха сиригэр РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр хантараагынан байыаннай сулууспаҕа гражданнары сүүмэрдиир үлэ тохтоло суох барар. Бүгүҥҥү…
«Жатай» куорат уокуругун 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн көрсө, Арассыыйа…