«Саханефтегазсбыт» хампаанньа оскуола выпускниктарын ниэб-гаас идэтигэр туһаайар

Share

 «Саханефтегазсбыт» оскуола выпускниктарын Дьокуускай, Тюмень, Хабаровскай уонна Москва куораттар үрдүк үөрэх кыһаларынан тус сыаллаах үөрэххэ ыытыаҕа.

Хампанньа бэрэстэбиитэллэрэ үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин уонна кинилэр төрөппүттэрин кытары профориентационнай көрсүһүүлэри ыыттылар – Үөһээ Халыма улууһун Зырянка бөһүөлэгэр уонна Жиганскай сэлиэнньэтигэр диэн акционернай уопсастыба пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Жиганскайга «Саханефтегазсбыт» АХ каадырын сүүмэрдээһиҥҥэ, сыаналааһыҥҥа уонна сайыннарыыга сүрүннүүр исписэлииһэ Юлия Александрова уонна «Жиганская нефтебаза» филиалын дириэктэрэ Николай Филиппов хампанньа ыытар үлэтин-хамнаһын, социальнай бэлиитикэтин, ниэб-гаас эйгэтигэр ирдэнэр идэлэр уонна тус сыаллаах үөрэх көрүҥнэрин туһунан кэпсээтилэр.

Маны таһынан, Жиганскай ниэб баазатыгар экскурсия тэрилиннэ, онно оҕолор филиал хамаандата хайдах үлэлиирин көрөр-истэр кыахтаннылар, ону тэҥэ интэриэһинэй боппуруостары биэрдилэр уонна миэстэлэргэ исписэлиистэртэн хоруйдары ыллылар.

Итини сэргэ Зырянкаҕа оскуола үөрэнээччилэрин уонна кинилэр төрөппүттэрин кытта кэпсэтии буолла. Үөрэнээччилэр ниэб-гаас салаатыгар саамай наадалаах идэлэргэ уонна Саха сирин стратегическай тэрилтэлэриттэн биирдэстэригэр хамаандаҕа киирэр кыахтаахтарын интэриэстэрин көрдөрдүлэр.

Хампаанньа ылыммыт профориентационнай бырагырааматын чэрчитинэн, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр экскурсиялар «Саханефтегазсбыт» АХ  19 филиалыгар сылга иккитэ ыытыллаллар.

«Саханефтегазсбыт» АХ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Виктор Лебедев бэлиэтээбитинэн, хампаанньа инникитин оҕолор үлэлээх буолууларын мэктиэлээн, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ выпускниктарын үөрэххэ ыытарга бэлэм.

Хаартыска: sakha.gov.ru

«Биһиги Дьокуускай куорат үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр эрэ буолбакка, ыраах сытар, ол иһигэр Арктика оройуоннарын оҕолоругар эмиэ итинник кыаҕы биэриэхпитин баҕарабыт. Сотору биһиги исписэлиистэрбит Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр уонна Таатта оройуонун Ытык-Күөл сэлиэнньэтигэр барыахтара», — диэтэ кини.

Дуогабар түһэрсэн баран, выпускниктар маннык хайысхаларынан идэлэри баһылыахтарын сөп: ниэб-гаас дьыалата, ниэб, гаас уонна бородуукта эбийиэктэрин үлэлэтии, нибэ-гаас ситимнэрин бырайыактааһын, тутуу уонна  гаас хранилищеларын эбийиэктэрин тутуу, о.д.а.

Тус сыаллаах үөрэххэ киириэн баҕарар выпускник сайаапка биэриэн сөп. Сүүмэрдээһин уопсай үөрэхтээһин оскуолатын аттестатын түмүгүттэн уонна түмүк кэпсэтииттэн тутулуктаах.

2024 сыл күһүнүттэн корпоративнай профориентационнай бырагыраама үс түһүмэхтээх киирэрэ былааннанар, онно оскуола үөрэнээччилэрин кытта профориентационнай үлэҕэ тирэх кииннэринэн буолуохтара: Таата улууһун Ытык-Күөлун А.Е. Мординов аатынан лиссиэй үөрэнээччилэригэр, Томпо улууһун Хаандыгатыгар «Горнай-геологическай техникум» уонна «Реализация и хранение нефтепродуктов» АУо үөрэхтээһиҥҥэ аудитория устудьуоннарыгар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

19 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago