Салгыы
 «Саханефтегазсбыт» куонкуруһун кыайыылаахтара билиннилэр

 «Саханефтегазсбыт» куонкуруһун кыайыылаахтара билиннилэр

12.07.2024, 17:10
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

“Саханефтегазсбыт” аахсыйалаах уопсастыба үлэһиттэрин ортотугар өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис спартакиада чэрчитинэн “Идэҕэ бастыҥ” куонкурус бүтэһик түһүмэҕэ ыытыллынна. Иккис түһүмэх түмүгүнэн 5 номинация кыайыылаахтара билиннилэр. Куонкуруска нефтебааза 10 салаатыттан 16 үлэһит кытынна.

Тэрилтэ кылаабынай инженерэ Александр Нифонтов кэпсээбитинэн, куонкурус бүтэһик түһүмэҕэр теория уонна быраактыка киирэллэр. Теория чааһа 5 боппуруостаах билиэттээх (идэҕэ, баһаартан куттал суох буолуутугар, гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга, үлэ харыстабылыгар уонна тиэхиньикэҕэ куттал суох буолуутугар). Быраактыка чааһыгар идэҕэ үөрүйэхтэр сыаналаннылар.

“Заправкалыыр ыстаансыйалар бастыҥ оператордара” номинацияҕа 1 миэстэни Надежда Оконешникова, АЗС  ыстаарсай оператора (Аллараа Бэстээх), 2-с миэстэни Наталья Тарасова, заправка ыстаансыйаларын 3 разрядтаах оператор-кассира (Дьокуускай), 3 миэстэни – Ирина Качесова, АЗС ыстаарсай оператора (Усть-Куйга) ыллылар.

«Бастыҥ табаарынай оператор» номинацияҕа: 1 миэстэ —  Екатерина Хазиева, 4 разрядтаах табаарынай оператор, (Дьокуускай), 2 миэстэ – Наталья Град,  4 разрядтаах табаарынай оператор, (Томмот), 3 миэстэ – Юрий Дьячковскай, 2 категориялаах табаарынай учаастак маастара (Чокурдаах).

«Нефтебаазалар (АЗС) тэриллэрин өрөмүөннээһиҥҥэ бастыҥ электрослесарь» номинацияҕа: 1 миэстэ —  Николай Чириков, заправка ыстаансыйаларын  тэриллэрин өрөмүөннээһиҥҥэ 5 разрядтаах электрослесарь (Баатаҕай), 2 миэстэ – Александр Солдатенко,  заправка ыстаансыйаларын 2 категориялаах мэхээнньигэ (Хаандыга), 3 миэстэ – Максим Торохов, уот тэриллэрин өрөмүөннээһиҥҥэ 4 разрядтаах электрослесарь (Өлүөхүмэ).

«Тарҕатар (распределительный)  нефтебаазалар тэриллэрин бастыҥ машиниһа” номинацияҕа: 1 миэстэ — Юрий Понарьин (Хаандыга),  тарҕатар нефтебазалар тэриллэрин 5 разрядтаах машиһина, 2 миэстэ – Алексей Сергеев, тарҕатар нефтебаазалар тэриллэрин 5 разрядтаах машиниһа (Хаандыга), 3 миэстэ – Ярослав Тобонов, тарҕатар нефтебазалар тэриллэрин 4 разрядтаах машиниһа (Ньурба), 4-с миэстэ — Степан Жирков, тарҕатар нефтебаазалар  тэриллэрин4 разрядтаах машиниһа (Чокурдаах).

“Массыына  (бензовоз/топливозаправщик) бастыҥ суоппара» номинация кыайыылааҕа —   Николай Калинкин, топливозаправщик суоппара (Аллараа Халыма), 2 миэстэ —  Николай Симоненко, бензовоз суоппара, (Хаандыга), 3 миэстэ – Анатолий Амонов, топливозаправщик суоппара (Ньурба).

«Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев бэлиэтээн эппитинэн, куонкурус салаалар тэрилтэлэрин бастыҥ үлэһиттэрин быһаарарга уонна үлэ киһитигэр убаастабылы үөскэтэргэ, үлэҕэ бэйэлэрин кыахтарын көрдөрөллөрүгэр  көмөлөһөр.

— Биһиги инникитин куонкуруска кыттар кыахтаах идэлэр араастарын кэҥэтиэхпит. Идэҕэ маастарыстыбаҕа күрэхтэһии үлэһиттэр көхтөрүн үрдэтэригэр уонна идэҕэ бэйэни сайыннарарга дьулуһууга тириэрдэригэр эрэнэбин”, — диэтэ Виктор Лебедев.

Генеральнай дириэктэр кыттааччылар бэлэмнэниилэрин таһымын үрдүктүк сыаналаата, ол бэйэ идэтигэр эппиэтинэстээх сыһыаны көрдөрөр.

Тэрилтэ кылаабынай инженерэ  Александр Нифонтов: «Биллэн турар, өссө да үлэлэһиэхпитин наада, биһиги түмүктэри ырытан баран хайаан да үлэһиттэрбит идэлэрин таһымын үрдэтии хайысхатыгар тустаах хардыылары оҥоруохпут. Салгыы сайдаргытыгар уонна  үлэҕитигэр “Идэҕэ бастыҥ” кыайыылаах аатын дьоһуннаахтык илдьэ сылдьаргытыгар, бэйэҕит үөрүйэххитин ыччаттарга үллэстэргитигэр уонна “Саханефтегазсбыт” тэрилтэтэҕэ үлэлииргитинэн киэн туттаргытыгар баҕарабын», — диэтэ.

Санатан эттэххэ, куонкурус үс зонанан – Арктика, Киин уонна Илин эҥэр ыытылынна. Арктика салаалаларыгар: Аллараа Халыма, Орто Халыма, Зырянка, Чокурдаах, Белогорскай, Аллараа Дьааҥы, Уус Куйга, Баатаҕай, Эдьигээн; Киин салааларга Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Ньурба, Сангаар; Илин Эҥэр салааларыгар: Нагорнинскай, Томмот, Аллараа Бэстээх, Хаандыга, Эльдикээн нефтебазалара киирсэллэр.

Яна БАЙГОЖАЕВА

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: