«Саханефтегазсбыт» навигацияны ситиһиилээхтик түмүктээтэ

Share

Алтынньы 20 күнүгэр бүтэһик танкер Дьокуускайдааҕы нефтебазаҕа ньиэп бородууктатын аҕалла, онон «Саханефтегазсбыт» тэрилтэ быйылгы навигацияны ситиһиилээхтик түмүктээтэ.

Уу суолунан 144299 туонна ньиэп бородууктата, итинтэн Хотугу муора суолунан Арктика улуустарыгар 22035 туонна тиэрдилиннэ. Ол иһигэр аара тохтуур Иркутскай уобалаһын Уус Кут куоратын нефтебазатыттан 122264 туонна аҕалылынна. «Саханефтегазсбыт» итини таһынан депонационнай саппааһын былаанын толордо, ол 13 310 туонна ньиэп бородууктата.

«Киин баан сүрүн ыстаапката хаста да үрдээн тэрилтэ кирэдьиитин төлүүрүгэр ыарахаттары көрүстэр даҕаны, оҥорон таһаарааччылар ньиэп бородууксуйатын атыылыыр сыаналарын үрдэттэллэр, хотугу өрүстэр ууларын таһыма түһэн кыһалҕаны үөскэттэллэр даҕаны, былааны 100% толордубут. Итиэннэ Саха сирин улуустарын нэһилиэнньэтин уонна тэрилтэлэрин үрдүк хаачыстыбалаах ньиэп бородууксуйатынан хааччыйдыбыт. Бу биһиги тэрилтэбит бары салааларын, бүтүн хамаанда тиһиктээх уонна түмсүүлээх үлэтин түмүгэ буолар», — диэн эттэ «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Виктор Лебедев.

Билигин хампаанньа саамай уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга ньиэп бородууктатын тиэрдии былаанын оҥоро сылдьар диэн «Саханефтегазсбыт» АУо пресс-сэкиритээрэ Яна Байгожаева иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

23 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

4 часа ago