«Саханефтегазсбыт» ньиэп бородууктатын сороҕун Хотугу муора суолунан тириэртэ
«Саханефтегазсбыт» акционернай уопсастыба 2022 сыл навигациятын түмүктэрин таһаарда. «Саханефтегазсбыт» акционернай уопсастыба генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев иһитиннэрбитинэн, быйыл Арктика улуустарыгар ньиэп бородууктата Хотугу муора суолунан тиэрдилиннэ.
Быйылгы навигацияҕа «Саханефтегазсбыт» салаалара 579 952 туонна ньиэп бородууктатын бэлэмнээтилэр.
“Петр Бекетов” диэн бастакы танкеры 2022 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр “Ленская нефтебаза” салаатыгар көрсүбүттэрэ. Бу танкер навигацияны 2022 сыл алтынньы 6 күнүгэр түмүктээбитэ, Өлүөхүмэҕэ ньиэп бородууктатын аҕалбыта.
Халыма бөлөх улуустарга барыта 64 118 туонна ньиэп бородууктата тиэлиннэ. Итинтэн — Аллараа Халымаҕа 48 592 туонна, Орто Халымаҕа 10 275 туонна, Зырянкаҕа 5121 туонна. Индигиир бөлөх ньиэбин базалара 30 890 туонна ньиэп бородуукталарынан хааччылыннылар. Ол иһигэр, Чокурдаахтааҕы ньиэп базатыгар 14 823 туонна, Белогорскай базатыгар 16 067 туонна аҕалылынна.
Аллараа Дьааҥыга — 22 262 туонна, Усть Куйгаҕа — 36 810 туонна, Баатаҕайҕа — 5 273 туонна — ньиэп бородууктата тиэрдилиннэ.
Саамай элбэх ньиэп бородууктатын Ленскэйдээҕи ньиэп базата ылла, 244 352 туоннаҕа тэҥнэстэ. Ньурбатааҕы ньиэп базата 24 819 туонна, Хаандыгатааҕы ньиэп базата 29 778 туонна, онтон Элдьикээн ньиэп базата 17 967 туонна ньиэп бородууктатын ыллылар.
«Биһиги ньиэп бородууктатын уу тырааныспарынан тиһигин быспакка тиэйэр ЛОРП ПАО махталбытын биллэриэхпитин баҕарабын», — диэн Виктор Лебедев ньиэп бородууктатын кэмигэр уонна тохтоло суох тириэрдии уопсастыба килийиэннэрин, ол иһигэр Арктика улуустарыгар олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэри, толору кэминэн хааччыйарын бэлиэтээтэ.
«Саханефтегазсбыт» Арктика 8 улууһугар ньиэп бородууктатын тириэрдиини мэктиэлиир өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох тэрилтэ.
Яна БАЙГОЖАЕВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: