«Саханефтегазсбыт» ыраах сытар нэһилиэктэринэн ньиэп бородуукталарын тиэрдиэҕэ
«Саханефтегазсбыт» АУо 2025 сылга кыһыҥҥы кэмҥэ уонна навигацияҕа кыһыҥҥы суолунунан Саха сирин ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ньиэр бородуукталарын тиэйии уонна таһыы торумун бигэргэттэ.
Арктика оройуоннарынан, Дьааҥыга, Эбээн Бытантайга, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа, Аллайыахаҕа, Абыйга, Муомаҕа, Аллараа Халымаҕа, Орто Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Өлөөҥҥө уонна Анаабырга, былаан быһыытынан 1920-тэн тахса туонна ньиэп бородууктата тиэллиэҕэ.
Итини кытта Амма, Уус Алдан, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Эдьигээн, Өлүөхүмэ, Таатта, Нам, Томпо, Хаҥалас, Кэбээйи улуустарынан сылы эргиччи тырааныспар ситимэ суох нэһилиэктэринэн 760 туоннаттан тахса таараламмыт ньиэп бородууктатынан хааччыллыахтара. Алдан оройуонун нэһилиэктэригэр 67 туонна ньиэм бородууктата тиэрдиллиэҕэ. 2024 сылга таараламмыт оттук 72 уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиэрдиллэн, бэйэ тиэйэн ылыыга 15 сэлиэнньэ хааччылынна. 2025 сылга 90 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа таһыллара былааннанар, бэйэ тиэйэн ылыыга 14 сэлиэнньэҕэ тиэрдиллиэҕэ.
Кыһыҥҥы суолунан барыта 2748,237 туонна ньиэп бородууктатын тиэрдэр былааннаахтар. Таараламмыт ньиэп бородууктатын туһаныыга дуогабары түһэрсии 2025 сыл тохсунньутуттан саҕаланар.
Ааспыт сылларга туһанааччылар ортолоругар уматыкка уонна таараҕа улахан иэс баара бэлиэтэнэр. Онон ньиэп бородууктатын таһыыга дуогабардар 100 тыһ. солк. суумаҕа тиийэ иэстээхтэри кытта эрэ түһэрсиллиэҕэ.
«Бу хайысхаҕа үлэ үрдүк социальнай суолталааҕынан, биһиги Саха сирин ыраах уонна уустук суоллаах нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ньиэп бородуукталарынан хааччыйабыт, онуоха «Саханефтегазсбыт» АУо тырааныспар ороскуотун бэйэтэ уйунар», – диэн «Саханефтегазсбыт» АУо генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Виктор Лебедев бэлиэтээтэ. Бу сыл бүтүүтүттэн «Саханефтегазсбыт» ньиэп бородуукталарын таараламмыт канистрдарынан таһыынан хааччыйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: