СҮБЭҺИТ: Сахарнай диабет ыарыы бастакы сибикитэ
«Сахарнай диабет ыарыы атын ыарыылартан бэйэтин тугунан да улаханнык биллэрбэккэ, ыарытыйбыт киһи болҕомтотун тардыбакка, субу баардыы соһуччу тирээн кэлэр. Онон мэдиссиинэ көрүүлэрэ кэмигэр ыытыллаллара олус наадалаах», — диир Мииринэй киин балыыһатын терапевт-бырааһа Никита Кондратьев.
Кини Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс- сулууспатыгар сахарнай диабеты хайдах эрдэтинэ билиэххэ уонна хайдах куотунуохха сөбүн туһунан кэпсээтэ. Никита Кондратьев этэринэн, бу сибикилэр баар буоллахтарына, ураты болҕомтоҕо ылан балыыһаҕа бырааска көрдүнэр наадалаах:
- биир кэм утата сылдьар, ону таһынан түүҥҥү кэмҥэ эмиэ элбэх ууну иһэр буоллахха;
- эт-сиин баастара, ону кытта бытархай баастар оһон биэрбэт түгэнигэр;
- туох да төрүөтэ суох ыйааһын түһэр бэлиэтэннэҕинэ;
- үрдүк аппетит баар буоллаҕына;
- түргэнник күн устата сылайар буоллахха.
«Маннык сибикилэр баар буоллахтарына бырааска тутатына көрдөрүнэргит наада. Аны туран оҕолоргут доруобуйаларыгар болҕомтону уураргытыгар сүбэлиибин. Оҕолорго ордук бастакы тииптээх диабет булуллар, бу ыарыыны эрдэтинэ кэмигэр булан эмтээбэтэххэ өссө эбии уустугуруон сөп», — диэн Никита Кондратьев бэлиэтиир. Сахарнай диабет ыарыыттан харыстанарга быраас чөл олоҕу тутуһарга, буортулаах астан, табахтан аккаастанарга, эт-сиин ыйааһынын хонтуруоллуурга, спордунан дьарыгы улаатыннарарга сүбэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: