Салгыы
Саха сирэ «Арассыыйа» быыстапкаҕа ураты болҕомтону ылла

Саха сирэ «Арассыыйа» быыстапкаҕа ураты болҕомтону ылла

30.11.2023, 22:25
Хаартыска сахагофтан
Бөлөххө киир:

Сыл аайы дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа ВДНХ-ҕа ыытыллар «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа быйыл эмиэ Саха сирин павильона улахан болҕомтону тарта диэн бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия 24», «Саха» НКИХ уонна «Тэтим» араадьыйанан быһа эпииргэ кэпсээтэ.

«Маннык бары эрэгийиэннэр бэйэлэрин ситиһиилэрин, уратыларын, устуоруйаларын көрдөрөр быыстапка-пуорум тэриллэр буолбутуттан олус үөрэбин. «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа Саха сирэ кэлиҥҥи сыллардааҕы сүрүн ситиһиилэрин, култууратын, үгэһин көрдөрдө. Биһиги экспозициябытын таарыйбакка ким да ааспата, атын эрэгийиэннэр уонна Москваҕа олорор биир дойдулаахтарбыт олус сэргээтилэр, болҕойон көрдүлэр-иһиттилэр. Бу идиэйэ олоҥхо бөлөһүөпүйэтин нөҥүө көрдөрүлүннэ. Быыстапка муус устар 12 күнүгэр диэри туруоҕа, онон өссө даҕаны элбэх киһи көрүөҕэ-сэҥээриэҕэ диэн эрэнэбин», — диэн кэпсээтэ Ил Дархан.

Айсен Николаев биир саамай өйдөөн хаалбыт түгэнинэн РФ Оборуонатын министиэристибэтин оркестрын толоруутугар «Русский танк «Алёша» ырыа буолбутун кэпсээтэ. Онуоха экипаж хамандыыра Александр Леваков уонна биһиги бэйэбит уолбут Алексей Неустроев кэлэн бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыттара ураты тыыны биэрбитин бэлиэтээтэ.

Ону таһынан Айсен Николаев биһиги павильоммутун Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ оҕолоро кэлэн көрбүттэрэ олус долгутуулаах этэ диэн санаатын үллэһиннэ.

«Биһиги Кировскайы чөлүгэр түһэрэрбитин көрө-билэ сылдьар буолан, чугастыы ылынан кэлбиттэрэ олус долгутуулаах этэ. Оҕолор олус астыммыт уонна үөрбүт этилэр. Ол кэнниттэн Кировскайга тиийбиппэр төрөппүттэр, учууталлар уонна куорат салалтата махтаналларын биллэрбиттэрэ. Бу барыта биһиги эрэгийиэннэрбит икки ардыларыгар истиҥ доҕордуу сыһыан, сырдык кэскил баарын туоһулуур», — диэтэ Айсен Николаев.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: