Салгыы
«Саха сирэ» чэппиэрдээҕи нүөмэриттэн үгүһү билиэххит

«Саха сирэ» чэппиэрдээҕи нүөмэриттэн үгүһү билиэххит

31.08.2023, 12:20
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү «Саха сирэ» хаһыат киһи ааҕа олоруох үгүс интэриэһинэй матырыйааллардаах.

«Быйылгы үөрэх дьылыгар өрөспүбүлүкэҕэ 1018 педагогическай вакансия аһаҕас турар. Ордук Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Мииринэй, Нерюнгри, Дьааҥы, Томпо улуустарыгар. Учуутал тиийбэтин кыһалҕата 100 % быһаарыллыахтаах, ол иһигэр уустук суоллаах-иистээх, Арктика улуустарыгар», – диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев учууталлар атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар. Бу суолталаах тэрээһин туһунан суруналыыс Людмила Попова ырытыытыгар ааҕыҥ.

Үгүс сирдэргэ атырдьах ыйыгар күн-дьыл туран биэрэн, ходуһаҕа үлэ күөстүү оргуйда. Быйыл сайын сорох оттуур ходуһалар ууга баран, билигин дьэ, уулара тардан, балачча оттуу сылдьаллар. Быйылгы отттооһун туһунан суруналыыс Женни Стрюкова «Сииттэлэр бэркэ оттоотулар» матырыйаалыгар сиһилии ырытан суруйда.

Интэриниэт ситимигэр “Алеша” тааҥка соҕотоҕун икки тааҥканы, алта бронемассыынаны утары ытыалаһар видеота икки ый буолан баран, Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга киэҥник тарҕаммыта. Арассыыйа танкистарын хорсун быһыылара үгүстэри сөхтөрбүтэ. Онтон “Бастакы” ханаал суруналыыстара баран сюжет устубуттара. Ол кэмҥэ Филипп псориаз ыарыыта бэргээн, госпитальга киирэн эмтэнэ сытара. Онон кини оннугар ротнай хамандыыра лейтенант Расим Баксиков уһуллубута. Оборуона министиэристибэтэ тарҕаппыт суругар мэхээньик-суоппар бааһырбытын Баксиков солбуйбут диэн этэ. Онон Филипп хорсун быһыыта биллибэккэ хаалыан сөбө. Онуоха кимнээх кытаанахтык туруорсан, Сунтаар уола Филипп Евсеев Арассыыйа Дьоруойа буолбутун туһунан сиһилии суруналыыс Айтана Аммосова «Хорсун-хоодуот Дьоруойдарга – уруй-айхал!» матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Иван Горнай аатынан Көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэлэрэ Саха сиригэр соҕотох. Бибилэтиэкэ 2 тыһыынча кэриҥэ ааҕааччылаах, ол онтон 300-һэ – оҕолор. Бары улуустары хабан, хааччыйан олороллор. Соторутааҕыта бибилэтиэкэ тэриллибитэ 55 сылын бэлиэтээбиттэрэ. Бибилэтиэкэ үлэтин туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Ангелина Васильева сырдатта.

Бу күннэргэ Дьокуускайга «Лена» киинэ тыйаатырыгар «Народная комедия: кандидат» киинэ пресс-көрдөрүүтэ буолан ааста. Бу «DETSAT» бөлөх 18-с киинэтэ буолар. Быйыл  ый устата Хаҥалас улууһун Төхтүр сэлиэнньэтигэр устубуттар.  Киинэ идиэйэтэ өссө 2007 сыллаахха, айар бөлөх быыбар сүпсүлгэнигэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сырыттаҕына, кэлбит эбит.  Киинэҕэ баар “Кыһыл Сулус” диэн дэриэбинэ аата дьиҥнээхтии Сахабыт сирин биир муннугар баар сир-уот эбит. Дьоруойдар бары Шандор эйгэтиттэн: Абан – бииргэ оттуур киһитэ, Макуля – тастыҥ быраата, Банчо – бииргэ үөрэммит киһитэ. Бу киинэ туһунан матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ. Бу бэртээхэй матырыйаалы эдэр суруналыыспыт Эльдар Садовников суруйда.

«Иван Ивановичпыт «Сахам сирэ барахсан» диэн эрэдээксийэбит «гимнэ» буолбут ырыатынан, “Хаарыан дьоннор – хаһыатчыттар” хоһоонунан кэлэктииппит бэлиэ түгэннэригэр бииргэ түмсэбит. Хомойуох иһин, бэтэрээннэрбит кэккэлэрэ сылын ахсын көҕүрээн иһэр. Ол эрээри олох биир сиргэ турбакка, иннин диэки дьулуурдаахтык салҕанан, көлүөнэни көлүөнэ солбуйар. “Саха сирэ» хаһыакка эдэр эрчимнээх, сытыы-хотуу, аныгылыы толкуйдаах саҥа көлүөнэ суруналыыстар кэлэн иһэллэр» диэн бүүҥҥү «Манчаары» сыһыарыыга ким маннык санаатын үллэһиннэ? Бэрт интэриэһинэй суруйуу үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

«Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр булгунньах мууһа тахсан кэлбитин көрдөрөр хаартыска социальнай ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Маннык айылҕа дьиктилэрэ туохтан тахсалларый уонна өссө үөскүөхтэрэ дуо?   Ирбэт тоҥ ууллуута өссө инникитин Чурапчы, Таатта уонна Уус Алдан улуустарыгар уонна, баҕар, Аммаҕа тахсыан сөп. Өлүөхүмэ уонна Ленскэй оройуоннарыгар билигин аппалар элбэхтик үөскүүллэр. Салгыы эмиэ баар буолаллара сабаҕаланар. Арктика улуустарын ыллахха, манна ууллуу дьайыылара Булуҥ уонна Аллараа Халыма улуустарыгар тахсыан сөп, баҕар, Анаабырга уонна Аллайыахаҕа» диэн суруйар суруналыыс Айаал Аргунов. Кини ханнык учуонайдыын сэһэргэспитин ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Күһүҥҥү булт сезона саҕаланна, доҕоттоор! Ол курдук, атырдьах ыйын 1 күнүттэн кыыл табаны, тыатааҕыны, чубукуну бултууллар.  Куһу уонна мас көтөрүн маассабайдык бултааһын атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан – 19 күнүттэн көҥүллэммитэ сотору кэминэн балаҕан ыйын 15 күнүттэн куобаҕы, саһылы бултааһын саҕаланара бу кэллэ.

Бултуур кэм саҕаламмытынан тыа сиригэр, хоту, куорат эҥээр даҕаны бэрэбиэркэлиир-хонтуруолуур үлэ күүһүрдүллүбүтүн умнубаккытыгар сүбэлиибит. Холобура, бу сайыҥҥы-күһүҥҥү кэмҥэ 73 эриэйдэ ыытыллыбыт. Ол түмүгэр 216 буруйу кэһии тахсыбыта бэлиэтэммит уонна 19 саа былдьаммыт. Онон булчуттар булт быраабылатын тутуһаргыт булгуччулаах. Бу туһунан — «Сонор суолугар» рубрикаҕа.

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн таксыы туһунан сокуон күүһүгэр киирэр. Саҥа сокуон тырааныспар салаатыгар туох уларытыыны киллэрдэ, ханнык кыһалҕаны быһаарыай, таксыынан таһааччыларга уонна таһыллааччыларга хайдах буолуой? Бу туһунан ырытыыны бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Ырытыы матырыйаалларынан баай «Саха сирэ» хаһыаты ылан ааҕарга тиэтэйиҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: