Быйылгы күһүҥҥү быыбарга Горнай, Кэбээйи, Нам, Таатта, Уус Алдан, Усуйаана, Уус Маайа уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар баһылыктары талыахтара.
“Былырыын Саха сиригэр биир кэлим куоластааһын күннэригэр сорох оройуоннарга быыбарга кыттыы олох мөлтөх этэ. Тоҕо диэтэххэ, муниципальнай, олохтоох быыбардарга үксүн икки сүрүн киирсээччини өйөөччү дьон, аймахтара, доҕотторо куоластыыллар”, — диэн суруналыыс Сайаана Львова бэрт интэриэһинэй ырытыытын саҕалыыр. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Саха сирэ” хаһыат суруналыыстара олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэн иһэргэ дьулуһабыт. Бүгүн хаһыаппыт саҥа «Кыһа» сыһыарыыны бэчээккэ таһааран сүрэхтээтэ. Бу быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһин систиэмэтэ хайдах-туох ыытылларын, саҥа уларыйыылар киирбиттэрин, учууталлар үлэлэрин-хамнастарын уо.д.а. тустаах матырыйааллар тахсыахтара. Сыһыарыыны үөрэх тиэмэтигэр, боппуруостарыгар идэтийэн суруйар уопуттаах суруналыыс Людмила Попова үүннээн-тэһииннээн бэчээккэ бэлэмниир. Хаһыат сонун сүүрээнин бүгүҥҥү “Саха сирэ” хаһыаты ылан сыаналааҥ.
Өссө биир бырайыак олоххо киирбитин сонун быһыытынан кэпсиим. Быйылгыттан ыла “Саха сирэ” хаһыат Үлэ сылынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытыгар үлэлиир урбаанньыттар үлэлэрин сырдатар соруктаах саҥа бырайыагы олоххо киллэрдэ. Онон сибээстээн, бу күннэргэ хаһыат суруналыыстара Горнай улууһугар туризм сайдыан сөптөөх көрүҥнэрин билсэ, үөрэтэ анаан баран кэллибит. Аны Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар баран кэлэр баҕа санаа баар. Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, төһө да өрөбүл күн буоллар, суолта биэрэн суруналыыстары кытта улуус дьаһалтатыгар анаан көрүстэ. Бу улууска туризм олохтоохтук сайдыбытын хас да туристическай маршруттарга бэйэбитинэн сылдьан көрөн-истэн биллибит. Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка сырдатыыбын ааҕыҥ.
“Былырыын Чурапчы, Маралаайы диэки атырдьах ыйыгар аспаал ууруллан эмискэ баҕайы буор бурҕайара тохтоон, бары өрө тыынныбыт. Мэктиэтигэр хагдарыйан, өлөн испит тииттэрбит, хатыҥнарбыт көҕөрөргө дылы буолбуттара. Сырыы-айан да биллэ түргэтээтэ. Холобур, омук массыынатынан Аллараа Бэстээхтэн Нуораҕанаҕа диэри 1 чаас 30 мүнүүтэнэн үлтү сахсыллан тиийэр буоллахпытына, билигин 50 мүнүүтэнэн холкутук, сылайбакка айанныыр дьоллоннубут” — диэн үлэ, успуорт бэтэрээнэ, Дьабыыл нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ыстапаан Лыткин тоҕо маннык бэлиэтээбитин СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтин Уопсастыбаннай сүбэтин мунньаҕын туһунан матырыйаалтан билиэххит.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымаҕыттан төрүттээх, «Үлэ киһитэ» бочуоттаах бэлиэни ылбыт Майа олохтооҕо, СӨ Бочуоттаах уонна үтүөлээх тутааччыта, «Мегинострой» производственнай кэпэрэтиип прораба Алексей Захаров тутааччы идэтин баһылаары Томскай куоракка үөрэнэ тиийбит. Саха ыччата тоҕо итиччэ ыраах куоракка тиийэн үрдүк үөрэххэ үөрэммитин уонна Үлэ сылыгар дьоһуннаах ситиһиилэммитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ кииҥҥэ 73 киһи баар. Дьахталлар, эр дьон тус-туспа балааталаахтар. Онно сытар, хаама сылдьар дьон суруналыыстартан, камералартан улаханнык ороһуйбатылар, сирэйдэрин кистээбэтилэр. Таҥастара-саптара ыраас. Манна бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн, эбэтэр, тэрилтэлэр нөҥүө киирэллэр. Сүрүннээн полиция аҕалар, 2-с №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаттан эмиэ киирэллэр. Аан бастаан киирбит дьону сууйар-тарыыр анал хос баар. Таҥастарын дезинфекциялыыллар, саҥа таҥас биэрэллэр. Үгүстэрэ быттаах буолар эбиттэр. Онтон быраас көрөр, балыыһаҕа сылдьарга, эбэтэр, эмтэнэргэ аныыр. Инфекционнай ыарыылаах дьоҥҥо мэдиссиинискэй изолятор баар. Сэлликтээх, ВИЧ-инфекциялаах, сифилистээх дьон киирэллэр. Маннык дьону тута балыыһаҕа ыытан, эмтэтэллэр. Дьокуускай куорат Мэдиссиинэҕэ киинин кытта бииргэ үлэлэһэллэр. Онно бары анаалыстарын толору оҥорон биэрэллэр” диэн ким бу ханна тиийэ сылдьыбытын сырдатта? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Саха сириттэн уонна сахалартан бастакы киһи Сир ийэ муҥутуур үрдүк чыпчаалыгар таҕыста. Ыам ыйын 15 күнүгэр Өймөкөөнтөн сылдьар, кадастр инженерэ идэлээх Евгений Кривошапкин 8848 м үрдүктээх Эверест хайатын дабайан, уһук чыпчаалыгар ытынна, былыттары аллараа хаалларан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын күөрэччи көтөхтө! “Онно тугу да толкуйдаабат буолуоххар диэри үлтү сылайаҕын, араас санаа, иэйии да киирбэт курдук. Аны ыттыбытыҥ диэн, түһэриҥ өссө ордук кутталлаах. Биирдэ сыыһа тутуннуҥ да, онно үйэ-саас тухары хаалаҕын. Быйыл үс киһи өлбүт диэбиттэрэ. 7900 миэтэрэ кэнниттэн “зона смерти” диэн кэлэр, киһи этэ-сиинэ өр тулуйбат, бэл, бу сиргэ өлүктэри кыайан харайбаттар. Биир хаамыыны оҥороору, 15 тыыныыны оҥоруохха наада. Хас биирдии хаамыыҥ, тыыныыҥ суоттанар, тоҕо диэтэр, сүгэн иһэр кислородтаах боллуоннарыҥ биир эрэ тахсыыга анаммыттар. Кыратык да тардылыннаххына, бүтэҕин. Онон чыпчаалга 20-чэ мүнүүтэ эрэ буолаҕын…”. Бу курдук киһи ааҕа олоруох суруналыыс Ангелина Васильева интервьютун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…