Саха сиригэр “Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии” бырайыак чэрчитинэн сэминээр буолуоҕа
Дьокуускайга атырдьах ыйын 28-30 күннэригэр “Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии” бырайыак чэрчитинэн сэминээр буолуоҕа, ону Национальностар дьыалаларыгар федеральнай агентство (ФАДН России) уонна М.В. Ломоносов аатынан МГУ сүрүннүөхтэрэ. Бырайыагы быһаччы толорооччу —– М.В. Ломоносов аатынан МГУ судаарыстыбаннай салайыыга факультета.
Сэминээр национальнай бэлиитикэ исписэлиистэригэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ ананар. Кинилэри этностар уона конфессиялар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы эйгэтигэр чинчийиилэри билиһиннэриэхтэрэ, кыһалҕаларын туһунан кэпсэтиэхтэрэ.
Ону тэҥэ Арассыыйа бэлиитиктэрин уонна судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин кытта көрсүһүөхтэрэ. Үөрэх түмүгүнэн истээччилэр сэртипикээти ылыахтара.
Бырайыак бу иннинээҕи түһүмэхтэрэ 2018-2023 сылларга олоххо киирбиттэрэ, ол түмүгүнэн национальнай бэлиитикэ эйгэтигэр Арассыыйа Федеральнай уокуруктарыттан 14000 исписэлиис үөрэммитэ. Арассыыйа Федерациятын 38 субъега бэйэтигэр үөрэтэр сэминээрдэри ыытар буолла.
“Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии” бырайыак пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: