Саха сиригэр “Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии” бырайыак чэрчитинэн сэминээр буолуоҕа

Share

Дьокуускайга атырдьах ыйын 28-30 күннэригэр “Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии” бырайыак чэрчитинэн сэминээр буолуоҕа, ону Национальностар дьыалаларыгар федеральнай агентство (ФАДН России) уонна  М.В. Ломоносов аатынан МГУ сүрүннүөхтэрэ. Бырайыагы быһаччы толорооччу —– М.В. Ломоносов аатынан МГУ судаарыстыбаннай салайыыга факультета.

Сэминээр национальнай бэлиитикэ исписэлиистэригэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ ананар.  Кинилэри этностар уона конфессиялар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы эйгэтигэр чинчийиилэри билиһиннэриэхтэрэ, кыһалҕаларын туһунан кэпсэтиэхтэрэ.

Ону тэҥэ Арассыыйа бэлиитиктэрин уонна судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин кытта көрсүһүөхтэрэ. Үөрэх түмүгүнэн истээччилэр сэртипикээти ылыахтара.

Бырайыак бу иннинээҕи түһүмэхтэрэ 2018-2023 сылларга олоххо киирбиттэрэ, ол түмүгүнэн национальнай бэлиитикэ эйгэтигэр Арассыыйа Федеральнай уокуруктарыттан 14000 исписэлиис үөрэммитэ. Арассыыйа Федерациятын 38 субъега бэйэтигэр үөрэтэр сэминээрдэри ыытар буолла.

“Арассыыйа Федерациятын субъектарыгар судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэни олоххо киллэрии” бырайыак пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

55 минут ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago