Хаартыска: СИА
Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабыла сылтан сыл аайы тупсарын биир туоһутунан кэнники сылларга мэдиссиинэ хас да улахан эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ буолар.
Билигин Дьокуускайга Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын тутуу бүтэһик түһүмэҕэр тиийдэ, аныгы мэдиссиинискэй тэриллэри туруоруу, таҥыы үлэтэ барар.
«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн диспансер 5 сыл иһигэр 50 саҥа мэдиссиинискэй тэрили ылла. Диспансерга искэни эпэрээссийэлииргэ саҥа ньымалар ситиһиилээхтик туһаныллаллар. Холобур, улахан мониторга тымыры чуолкайдык көрөн, хас биирдии «ыалдьыбыт» тымыры доруобайтан араарар кыахтаахтар. Онон саҥа технологиялары туһанан, хайа быһыыта суох эпэрээссийэлииллэр.
Өссө биир саҥа ньыманан эпэрээссийэ кэмигэр 3D технологияны туһаныы буолар. Быраастар онуоха аналлаах ачыкыны кэтэн ис көҥдөйүгэр «курдары» көрөллөр. Быйыл күһүн үлэҕэ киллэриллэхтээх диспансер Уһук Илиҥҥэ биир улахан мэдиссиинискэй эбийиэгинэн буолуоҕа.
«Улахан махталбытын РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа этэбит. «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак көмөтүнэн мэдиссиинэ эбийиэктэрэ Саха сирин киин куоратыгар эрэ буолбакка, улуус кииннэригэр эмиэ дьэндэйэллэр. Кэнники 5 сыл иһигэр 2 улахан балыыһа комплекса үлэҕэ киирбитэ, быйыл эмиэ хас да итинник комплексы үлэҕэ киллэриэхпит. Кылаабынайа, бу бырагыраама өссө да салҕаныаҕа», -– диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
Кэнники сылларга 2 оройуоннааҕы киин балыыһа уонна 65 амбулатория, биэлсэр-акушер пууна үлэҕэ киирэннэр, мэдиссиинискэй көмө хаачыстыбата тупсарыгар, хас биирдии ыарыһахха табыгастаах буоларыгар улахан көмөлөөхтөр.
Хас биирдии эмтэнээччи өрөспүүбүлүкэттэн тахсыбакка эрэ үрдүк таһымнаах көмөнү миэстэтигэр ыларын туһугар, чугастааҕы сылларга мэдиссиинэ салаата өссө күүскэ сайдыаҕа.
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…
Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…
Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө Марха бөһүөлэгэр 101 саастаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр тутуллубут Култуура киинигэр мэлдьи олус элбэх көрөөччү мустар. Күн сардаҥата…