Саха сиригэр өссө биир зондировщик-сөмөлүөт кэллэ
«Авиалесоохрана» федеральнай бүддьүөт тэрилтэтэ бу иннинэ Магадаан уобалаһыгар баһаары утары охсуһууга үлэлээбит “Циклон” Ан-26 сөмөлүөтү Саха сиригэр ыытта.
Ил Дархан Айсен Николаев ыыппыт, Рослесхоз баһылыгын солбуйааччы Алексей Венглинскай кыттыылаах мунньахха Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, чугастааҕы икки нэдиэлэҕэ баһаар балаһыанньатыттан баһаартан кутталлаах кэм хайдах ааһара тутулуктаах. Ол иһин эрэгийиэҥҥэ баһаары умуруорарга күүһү-уоҕу ууруу салҕанар. Билигин уоту умуруорарга 1 тыһыынча курдук киһи кыттар. Авиа-баһаарынайдар кэлэ тураллар, Саха сиригэр «Авиалесоохрана» ФБУ, Забайкалье кыраайын уонна Бурятия авиалесоохраналарын парашютистара уонна десантниктара кэллилэр.
Баһаар үксэ, чуолаан авиация эрэ көмөтүнэн тиийиллэр хайалаах сирдэр, хонтуруолга ылыллаллар. Салгын суудуналара миэстэтигэр ууну тириэрдэллэр, тоҕо диэтэххэ, сорох сирдэргэ чугаһынан уу суох. Баһаары утары охсуһарга өссө биир көдьүүстээх ньыманан дэлби тэптэрэр үлэ көмөтүнэн минерализованнай балаһалары ууруу буолар.
«Дэлби тэптэрэр ньыманан баһаары умуруорууга судаарыстыбаннай сорудах кээмэйэ барыта кэриэтэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар туһуланар. Билигин Магадаан уобалаһыттан уонна атын эрэгийиэннэртэн эбии күүһү былаан быһыытынан биэрии бара турар”, — диэтэ Алексей Венглинскай.
Баһаары утары охсуһарга туһаныллар салгын суудуналарын ахсааннара эбиллэр. Сөҥүүнү ускуустубаннай ньыманан түһэрии үлэтэ салҕанар. «Авиалесоохрана» “Циклон” зондировщик-сөмөлүөтү ыытта. Билигин бу салгын суудуната икки зондировщигы (Киин аэрологическай обсерватория уонна “Полярные авиалинии”) кытары тэҥҥэ үлэлиир.
Алексей Венглинскай Саха сиригэр баһаар балаһыанньата былырыыҥҥы сыллааҕар ыараханын бэлиэтээтэ. Ол да буоллар, үчүгэй бэлэмнэнии түмүгүнэн, көрдөрүү хас да сыллар орто көрдөрүүлэриттэн үчүгэй.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: