Бүгүн Саха сиригэр Искэн ыарыыттан көмөлөһөр амбулаторнай 17 киин үлэлиир – Дьокуускай 1 №-дээх поликлиникатыгар, Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинэ киинигэр, 2 уонна 3 №-дээх куорат балыыһаларыгар, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Бүлүү, Томпо уонна Чурапчы оройуоннарын киин балыыһаларыгар.
Бу кииннэр “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Искэн ыарыыларын бохсуу” эрэгийиэн бырагырааматынан аһыллыбыттара уонна ыарыыны кэлимсэ уонна түргэнник буларга анал тэриллээхтэр.
Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин чахчыларынан, 2022 сылга маннык кииннэргэ 45278 Саха сирин олохтооҕо сылдьыбыт. Былырыын 606 киһи ыалдьыбыта биллибитэ. Былырыын олорор сирдэринэн химия терапиятын ылбыт пациент ахсаана 2021 сылга тэҥнээтэххэ 4,3 % элбээбит.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ этэринэн, онкокөмө амбулатонй кииннэрэ түөрт сүрүн соругу толороллор.
Бастакытынан, бу кииннэргэ искэнинэн ыалдьыыны муҥутуур түргэнник булаллар.
Иккиһинэн, кииннэргэ онко-ыарыһахтар эмтэнэллэр, ол иһигэр күнүскү стационарга. Маны сэргэ кинилэр уопсай туруктарын хонтуруоллууллар, эмтэнии кэмигэр уонна кэнниттэн.
Үсүһүнэн, онкологиялаах уонна ыалдьар туруктаах пациеннары диспансернай кэтээн көрүү ыытыллар, паллиативнай эмтэниигэ уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ ыыталлар, маннык ыарыһахтары учуокка ылаллар.
Төрдүһүнэн, ЦАОП-тарга мэдиссиинэ үлэһиттэригэр методическай үлэ ыытыллар, бу ыарыыны эрдэ булалларыгар үөрэтэллэр, ыарыы буулаабыта ырааппыт түгэннэрин ырыталлар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ амбулаторнай онкологическай көмө кииннэрин кэҥэтиигэ үлэ салҕанар. Быйыл Нам оройуоннааҕы балыыһатыгар бу киини арыйыахтара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска: тустаах саайтан
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…