Бүгүн, атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Дьокуускай куоракка дьүкээгир норуотун VII сийиэһэ үлэтин саҕалаата. Саха сирин киин куоратыгар үс күн устата ыытыллар пуорумҥа Усуйаана, Аллайыаха, Аллараа Халыма, Орто Халыма уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыттан 46 дэлэгээт кэлэн кытта сылдьар. Видеоконференц-сибээс нөҥүө Чукотка уонна Магадаан бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-слууспата иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан дьүкээгир норуотун сийиэһин дэлэгээттэрин СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров эҕэрдэлээтэ. Вице-премьер бэйэтин этиитигэр Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааптарын уонна сокуоннай интэриэстэрин көмүскээһин боппуруостарыгар ыытыллар үлэ туһунан иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, «Бүтүн Арассыыйатааҕы гражданскай идентичность уонна норуоттар этнокультурнай сайдыылара» судаарыстыбаннай бырагыраама иһинэн «СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын өйөөһүн» бырагыраама оҥоһулунна.
Бу докумуон чэрчитинэн Саха сиригэр 2012-2023 сылларга аҕыйах ахсааннаах норуоттар коммерческайа суох тэрилтэлэрэ 333 бырайыактарын олоххо киллэриигэ 158 мөл. солк. субсидия бэрилиннэ. Хотугу норуоттар төрүт үгэстэринэн дьарыктанар көс аҕа ууһун общиналара сыллата элбээн иһэллэр. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ итинник 235 баар. Саха сирэ дойду үрдүнэн биир табаны иитиигэ бастыҥ эрэгийиэнинэн буолар – 2023 с. саҥатыгар хотугу дьиэ табатын ахсаана 166,7 тыһыынча төбө этэ. Бу дойдуга таба уопсай ахсаанын 8%-гар тэҥнэһэр. Бу көрдөрүүнэн өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортотугар 3-с миэстэни ылар.
Сарсын сийиэс чэрчитинэн «Жизнеобеспечение мест традиционного проживания юкагиров» төгүрүк остуол ыытыллыа, ол кэннэ пленарнай мунньах уонна «Юкагирские огни» бэстибээл ыытыллыа. Тэрээһини Үс Хатыҥҥа дьүкээгирдэр «Шахадьибэ» төрүт бырааһынньыктара түмүктүө.
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…