Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Эдьигээн эбэҥки национальнай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евдокия Ивановна Константинова Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ кыттыылаах быһа эпиири куруук көрөр. Кини бүгүн эмиэ «Владимир Путины кытта сыл түмүктэрэ» теле-биэриини көрөөрү кэтэһэ аҕай олорор.
«Биһиги дьиэ кэргэммитинэн көрүөхпүт. Бэрэсидьиэн олохтоохтору кытта быһаччы кэпсэтэр, кыһалҕалаах ыйытыыларга хоруйдуур, олоҕу-дьаһаҕы тупсарарга сорудахтары биэрэр. Мин 90 саастаахпын, 56 сыл үлэ ыстаастаахпын. Бэрэсидьиэммитин олус таптыыбын уонна ытыктыыбын. Хотугу эргимтэҕэ олорор эбэҥки норуотун аатыттан Владимир Влалимирович Путиҥҥа Арктиканы сайыннарыы иһин махтанабын. Кэнники сылларга мэдиссиинэ, үөрэх, култуура, успуорт, суол хаһаайыстыбатын, сибээс эйгэлэригэр сайдыы барбытын көрөбүт», — диэн кини этэр.
Бэтэрээн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Крым, Луганскай, Донбасс норуоттарыгар бастакынан көмөлөспүтэ уонна быыһаата диэн бэлиэтээтэ.
Бэтэрээн саныырынан, хамсык сатыылаабыт кэмигэр норуокка көмөлөспүтүн уонна бу ыарыыны кыайыыга өҥөтүн бэлиэтиир.
«Хамсыгы кыайбыттарын туһунан иһитиннэрбиттэригэр мин Бэрэсидьиэҥҥэ телеграмманан махтаммытым. Нөҥүө күнүгэр кини миэхэ хардарбыта» — диэтэ Евдокия Ивановна.
Оттон аҕыйах хонуктааҕыта бэтэрээн В.В. Путинтан 90 сааһын туолбутунан истиҥ тыллаах открытканы тутта.
«Бары биир дойдулаахтарбар Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин кулун тутарга ыытыллар быыбарыгар биһиги Бэрэсидьиэммит тула түмсэргэ уонна куоластарын Владимир Владимирович Путиҥҥа биэрллэригэр ыҥырабын. Кини аан дойду таһымнаах лиидэр» — диэтэ бэтэрээн.
Евдокия Ивановна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Эдьигээн оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайына, Өрөспүүбүлүкэ бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Тапталлаах ийэ, эбэ, хос эбэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…