Саха сирин Дьарыктаах буолууга сулууспата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэни булууларыгар көмөлөһөр
Сыл саҕаланыаҕыттан тустаах Сулууспаҕа байыаннай дьайыы 132 кыттыылааҕа сырытта. Өрөспүүбүлүкэ Нэһилинэньэтин дьарыктаах буолууга сулууспата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр. Бу туһунан киин салайааччыта Николай Иванов иһитиннэрдэ.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ Дьарыктаах буолуу киинигэр кэлэн үлэни булалларыгар, идэлэрин талалларыгар судаарыстыба өйөбүлүнэн, уйулҕа көмөтүнэн, социальнай адаптациянан, идэҕэ үөрэтиинэн туһаналлар.
Сыл саҕаланыаҕыттан Сулууспаҕа байыаннай дьайыы 132 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ сырыттылар, кинилэртэн 45 киһи үлэ булла. 15 киһини саҥа идэни баһылатаары үөрэтэ ыыттылар. Дьарыктаах буолуу сулууспатын өҥөлөрүн туһунан куруук кэпсииллэр. Бүгүн 1500 киһи хабылынна”, — диэтэ Николай Иванов.
Ону тэҥэ кини ааспыт нэдиэлэҕэ Дьарыктаах буолуу сулууспата “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонданы кытта байыаннай дьайыы кыттыылааҕын күнүн тэрийдилэр.
“Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тэриллибит Үлэ дьаарбаҥкатыгар байыаннай дьайыы 240 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. 80 тахса үлэни биэрээччи бэйэлэрин вакансияларын билиһиннэрдилэр. 37 киһи үлэ булла, 162 киһиэхэ идэни булуутугар, уйулҕатыгар, социальнай өттүнэн адаптацияланарыгар көмөлөстүлэр уонна 22 киһи идэҕэ хаттаан үөрэтиини барыаҕа”, — диэн биэдэмистибэ салайааччыта чопчулаата.
Мария Горохова (СИА) тиэкиһэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: