“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Леонид Бястинов Нерюнгри, Беркакит, Серебрянай Бор уонна Чульман эбийиэктэригэр өрөмүөн хайдах ыытыллыбытын көрөр.
Ону тэҥэ Леонид Дмитриевич олохтоох дьаһалталар баһылыктарын кытта сүбэ мунньахтары ыытта. Онно уоту кэмчилиир технологиялары туһанан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ өрөмүөнү ыытыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Тустаах пуонда бу иннинэ РАПЭТ-кэ элбэх кыбартыыралаах түөрт дьиэ фасадын бырайыактыыр-сметнай докумуонун чопчулуурга биэрбитэ. Сылааһы тутар полимернай матырыйааллары туһаныы сыананы таһаарыа суоҕа. Ол, биллэн турар, өрөмүөнү үчүгэйдик ыытарга көмөлөһүөҕэ.
Санатттахха, 2024 сылга Нерюнгри оройуонугар 106 дьиэҕэ (10 ЭКДь анал счеттаахтар) өрөмүөн барыаҕа. Бэс ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, элбэх кыбартыыралаах 80 дьиэҕэ уопсайа 780,9 мөл солк. үлэ торумнаммыт.
Пуонда пресс-сулууспата.
Дьокуускай былыр Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр форпост эрэ буолбакка, култуурунай, экэнэмиичэскэй, байыаннай, атыы-эргиэн киинэ этэ. [gallery…
Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор…
Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 2 №-дээх полиция отделыгар эр киһи харааһыттан электроинструменнарын уорбуттарын…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…
Хас биирдии идэ туһунан уратылаах, абылаҥнаах буоллаҕа. Арктикатааҕы археология түмэлин үлэһиттэрэ (дириэктэр Елена Соловьева) 2023-2024…
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…