Саха сирин урбаанньыттара туризмы сайыннарарга субсидия ылыахтара
2025 сылга туризмы сайыннарарга урбаанньыттар көҕүлээһиннэригэр 30 мөлүйүөнтэн тахса үбү көрбүттэрин туһунан СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын социальнай ситимнэригэр быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.
«Туризм эйгэтигэр урбаанньыттары өйөөһүн, уруккутун курдук, биһиги биир дьоһун сорукпутунан буолар. Бу субсидиялар саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ, элбэх турист кэлэригэр уонна эрэгийиэн экэниэмикэтин сайыннарарга көмөлөһүөхтэрэ”, — диэн Тимур Ханды бэлиэтээн эттэ.
Биир бырайыак муҥутуур кээмэйэ 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэ суумаҕа тэҥнэһиэҕэ. Урбаанньыттар өйөбүлү ылалларыгар бырайыактарыгар 50 бырыһыан бэйэлэрин үптэрин угуохтаахтар.
Субсидиялар РФ бэрэсидьиэньэ Владимир Путин көҕүлээбит “Туризм уонна ыалдьытымсах быһыы” национальнай бырайыагын чэрчитинэн бэриллэллэр. Ону таһынан РФ Экэниэмикэҕэ сайдыытын министиэристибэтэ 2025-2027 сылларга модульнай гостиницалары оҥорорго бырайыактары суруйарга куонкуруһу биллэрбитэ. Саха сирин Предпримательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ урбаанньыттартан сайаапкалары 2025 сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри ылар. Бэрэбиэркэ кэнниттэн үлэлэр федеральнай куонкуруска ыытыллыахтара.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитигэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар эрэгийиэҥҥэ туристар кэлиилэрин көҕүлүүргэ, сынньанарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ, ыалдьыттарга усулуобуйаны хааччыйыы хаачыстыбатын тупсарарга уонна ис-тас туризмҥа дьикти үчүгэй маршруттары киллэрэргэ эппитэ.
Соторутааҕыта Саха сиригэр 2030 сылга диэри туризмы сайыннарыы стратегията бигэргэтиллибитэ. Докумуону олоххо киллэрии чэрчитинэн, биир сүрүн соругунан туристар ахсааннарын 700 тыһыынчаҕа тиийэ киһиэхэ элбэтии буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: