Саха сирин урбаанньыттара туризмы сайыннарарга субсидия ылыахтара

Share

2025 сылга  туризмы сайыннарарга  урбаанньыттар көҕүлээһиннэригэр 30 мөлүйүөнтэн тахса үбү көрбүттэрин туһунан СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды  Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын социальнай ситимнэригэр быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.

«Туризм эйгэтигэр урбаанньыттары өйөөһүн, уруккутун курдук,  биһиги биир дьоһун сорукпутунан буолар. Бу субсидиялар  саҥа бырайыактары олоххо киллэрэргэ, элбэх турист кэлэригэр уонна эрэгийиэн экэниэмикэтин сайыннарарга көмөлөһүөхтэрэ”, — диэн Тимур Ханды бэлиэтээн эттэ.

Биир бырайыак муҥутуур кээмэйэ 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэ суумаҕа тэҥнэһиэҕэ. Урбаанньыттар өйөбүлү ылалларыгар бырайыактарыгар  50 бырыһыан бэйэлэрин үптэрин  угуохтаахтар.

Субсидиялар РФ бэрэсидьиэньэ Владимир  Путин көҕүлээбит “Туризм уонна ыалдьытымсах быһыы”  национальнай бырайыагын чэрчитинэн бэриллэллэр. Ону таһынан РФ Экэниэмикэҕэ сайдыытын министиэристибэтэ 2025-2027 сылларга модульнай гостиницалары оҥорорго бырайыактары суруйарга  куонкуруһу биллэрбитэ.  Саха  сирин Предпримательствоҕа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэтэ урбаанньыттартан сайаапкалары  2025 сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри ылар. Бэрэбиэркэ кэнниттэн үлэлэр федеральнай куонкуруска ыытыллыахтара.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев  СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) Анал этиитигэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар  эрэгийиэҥҥэ туристар кэлиилэрин көҕүлүүргэ, сынньанарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ, ыалдьыттарга  усулуобуйаны  хааччыйыы хаачыстыбатын тупсарарга уонна ис-тас туризмҥа дьикти үчүгэй маршруттары киллэрэргэ эппитэ.

Соторутааҕыта Саха сиригэр 2030 сылга диэри туризмы сайыннарыы стратегията бигэргэтиллибитэ.  Докумуону  олоххо киллэрии чэрчитинэн,  биир сүрүн соругунан туристар ахсааннарын 700 тыһыынчаҕа тиийэ киһиэхэ элбэтии буолар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ХИФУ учуонайдара эбэҥки култууратын сырдатар сэдэх матырыйааллары хомуйбуттар

ХИФУ «Лингвистическая экология Арктики» аан дойдутааҕы научнай-чинчийэр лабораториятын учуонайдара эспэдииссийэ кэмигэр Орто Халыма оройуонугар ханна…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьахтар сүһүөх мааһын атыылаһаары 900 тыһ. солк. албыннаппыт

Саха сириттэн 63 саастаах биэнсийэлээх дьахтар мэдииссинэ фирмата тэрийбит түөкүннээһин схематын сиэртибэтинэн буолла. Дьахтар 900…

22 минуты ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Мин фронум кирбиитэ: эһэм Ленинград блокадатын кыттыылааҕа

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ленинград куорат 872 күннээх өстөөх ытарчатын тулуйбута. Бу ытык сир көмүскэлигэр…

51 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Аҕа дойду көмүскээччилэрин» пуондата байыаннай дьайыы дьоруойдарыгар аналлаах пааматынньык бырайыагын оҥорууга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһу биллэрдэ

Бу анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үйэтитиигэ туһуламмыт көҕүлээһин ааптардарынан «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда уонна Москватааҕы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрдэ

Куйаар ситимигэр нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрбитин тарҕаттылар. Нейросеть хараҕынан пааматынньыктар…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сиригэр быраастар 70-ча саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостообуттар

Дьокуускайга быраастар 70 саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостоон таһаарбыттар. Дьахтар балыыһаҕа абрикостары ыйыстан,…

2 часа ago