Салгыы
«Сахатранснефтегаз» мобильнай сыһыарыыта үлэлээтэ

«Сахатранснефтегаз» мобильнай сыһыарыыта үлэлээтэ

21.11.2024, 18:10
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

«Сахатранснефтегаз» тэрилтэ килийиэннэрэ ыйы быһа саайтка баар тус кэбиниэттэригэр уонна мобильнай сыһыарыыга кыайан киирбэт буола сылдьыбыттара. «Сахатранснефтегаз» хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу хакердар сервергэ атаакаларын түмүгэр буолбут. 

— Хакердар атаакаларын түмүгэр сервергэ тэхиньиичэскэй кэһиллии тахсан, ону чөлүгэр түһэрэргэ ый курдук бириэмэ барда. Сэтинньи 21 күнүгэр хампаанньа мобильнай сыһыарыыта чөлгө түһэрилиннэ, онон гааһы туһаныы иһин төлөбүрү киллэриэххэ сөп буолла, — диэн хампаанньа генеральнай дириэктэрин сүбэһитэ Василий Амбросьев эттэ.

Оттон саайтка тус кэбиниэт үлэтэ 2025 сыл саҕаланыыта сөргүтүллүөҕэ. Билигин гааһы туһаныы иһин төлөбүрү ый бүтүөр диэри пенята суох маннык ньыманан төлүөххэ сөп:

  • Кэлим контакт-киин нөҥүө төлөпүөннэргэ эрийэн:  509-555, WA +7 924 460-10-71;
  • «Сахатранснефтегаз» каассаларыгар;
  • Сбербаан Онлайн сыһыарыы нөҥүө;
  • «Почта России» отделениеларыгар;
  • «Город» — «Квартплата+» федеральнай систиэмэ сыһыарыытыгар;
  • «Объединенный платежный документ (ОПД)» сервиһин нөҥүө  https://e-yakutia.ru/
  • ⁠Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын Судаарыстыбаннай информационнай систиэмэтин нөҥүө (ГИС ЖКХ) https://dom.gosuslugi.ru/
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: