Салгыы
Сахаттан маҥнайгы идэтийбит киинэ оператора

Сахаттан маҥнайгы идэтийбит киинэ оператора

Ааптар:
19.11.2023, 15:00
Бөлөххө киир:

Сахаттан маҥнайгы идэтийбит киинэ оператора Никандр Егорович Саввинов быйыл сэтинньи 15 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сыла буолла. Ютуб канаалга киинэлэрэ таҕыстылар. Кини туһунан бэртээхэй ыстатыйа хаһыакка быйыл сайын тахсыбытын астына, дуоһуйа аахпытым. Никандр Егоровичтыын чугастык алтыспыт киһи сиэринэн, убайым туһунан кылгастык да буоллар, ааҕааччыларга билиһиннэрэрбин ытык иэспинэн ааҕабын.

Оҕо сааһа

Никандр Саввинов Сунтаар улууһун Күннээх Күүкэйиттэн чиэски сытар көмүс хатырыктааҕынан аатырар Күүлэт күөл илин баһыгар сытар алааска байанайдаах булчут дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Маарыйа “Бассабыык” холкуос ыанньыксыта. Ийэлээх аҕата оскуолаҕа үөрэммэтэх дьон күн тура-тура үлэттэн, бултан ордубаттара. Аҕата Дьөгүөр 1947 с. Саха АССР чулуу булчутун аатын ылбыта. Никандр Нина диэн балтылааҕа. Төрөппүттэрэ күҥҥэ көрбүт иккиэйэх оҕолорун үөрэхтээх, үлэһит дьон буолалларыгар кыһаллаллара. Иккиэн да оҕо эрдэхтэриттэн үөрэҕи ылынымтыа этилэр.

Үөрэнии…

Бастаан утаа Дьокуускайга саҥа аһыллыбыт художественнай учуулуссаҕа киирэн үөрэнэр санаалаах этэ да, сааһа кыратынан уонна куонкуруһу ааспакка, 2 №-дээх интэринээт оскуолаҕа үөрэммитэ. Кэлин биллиилээх суруналыыс И. Ф. Иванов саха тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэппитэ, кылаас салайааччытынан үлэлээбитэ. Онон билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах үөрэнээччи литэрэтиирэни, фольклору кэрэхсиир буолбута. Итиэннэ олус сөбүлээн хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктаммыт. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар аан маҥнай “Мы из Кронштадта” киинэни көрбүтэ идэтин таларыгар улахан оруолламмытын туһунан “Конвас-Автомат” кинокамера уһун олоҕо” диэн кинигэтигэр уустаан-ураннаан суруйбута.

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан хаартыскаҕа түһэрии кистэлэҥнэрин дьаныһан туран билсибитэ уонна киноискусство туһунан литэрэтиирэни туох түбэһэрин аахпыта.

Идэни баһылааһын

Аармыйаҕа этэҥҥэ сулууспалаан баран, тута Москваҕа оччолортон күн бүгүҥҥэ диэри аатырар ВГИК-кэ киинэ операторын үөрэҕэр туттарса барбыта. Ол эрээри куонкурус улахан этэ. Маҥнайгы сылыгар куонкуруһу ааспатаҕа эрээри, киирии эксээмэни тутар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, бэрэпиэссэр А. Д. Головня эһиил кэлэн тутарсарыгар сүбэлээбитэ эрэл санааны үөскэппитэ. Эксээмэҥҥэ туохха ыарырҕаппытын дьаныһан үөрэппитэ. Дьүккүөрдээхтик бэлэмнэнэн, 1957 сыллаахха туттарсан киирбитэ уонна биэс сыл устата киинэҕэ устуу кистэлэҥнэригэр умсугуйан туран үөрэммитэ. Үөрэнэ барыан иннинэ Өлүөхүмэ кыыһа Роза Ощепковалыын ыал буолбуттара. Ощепковтар халыҥ аймахтар этилэр. Күтүөттэрэ сэдэх идэҕэ үөрэнэрин өйдөөбүттэрэ уонна өйөөбүттэрэ.

1962 сыллаахха балаҕан ыйыгар үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Илин Сибиирдээҕи корреспондентскай пуун киинэ операторынан ананан айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта.

Инникини түстээһин…

Тугу үлэлиэхтээҕин туһунан күннүгэр бырагыраама кэриэтэ суруммутун көрө олорон, саха маҥнайгы киинэ оператора чахчы дириҥник толкуйдаан, кэскиллээҕи былааннаан үлэлээбитин сөҕө саныыгын. Оччолорго кинематография институтун аан маҥнай бүтэрбит киһи кини курдук идэлээх үлэһиттэр элбээн, киинэни устуу сүһүөҕэр туруохтаах былаанын оҥорбут эбит. Кини кинематография институтун бүтэрбит сылыгар Николай Сантаев, Айсен Сивцев, Николай Гуляев үөрэнэ киирбиттэриттэн олус үөрбүт уонна кинилэри кытта бииргэ саха киинэтин сайдыытыгар айымньылаахтык үлэлиэхтээхтэригэр олус эрэммит. Кэлин Семен Васильевы ассистенынан илдьэ сылдьан, устуу кистэлэҥнэригэр такайбыта Дьокуускайдааҕы тэлэбиидэнньэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, хас да киинэ уһуллуутугар операторынан үлэлээн кыттыспыта.

Устуоруйаны үөрэтии…

Саха маҥнайгы киинэ оператора корреспондентскай пууҥҥа айымньылаахтык үлэлиир баҕаттан киинэ устуоруйатын хасыһан билсибитэ. Саха сиригэр 1937 с. «Союзкинохроника» иһинэн тэриллибит маҥнайгы киинэ операторынан уһун кэмҥэ К. И. Широнин үлэлээбитин билбитэ. Никандр Егорович кинилэр суол-иис суох кэмигэр бытарҕан тымныыга, тугу барытын быраҕан туран, Саха сирин дьонун-сэргэтин туһунан сюжеттары устубута устуоруйа кэрэһитэ буолан харалла сыталлар. Аҕа көлүөнэ киинэ оператордарын үлэтин түмэн,  «Якутия — киносъемочная» диэн кинигэ таһаартарбыта.

Никандр Егорович аймньылаах үлэтэ оччолорго киэҥник биллэр Илин-Сибиирдээҕи документальнай киинэ сурунаал устуудьуйатын кытта ыкса сибээстээх. Айымньылаах үлэтин барытын түмэн көрдөрөр. Кини “Конвас-Автомат” кинокамера уһун олоҕо» автобиографическай сэһэнигэр оҕо эрдэҕиттэн киинэ ускуустубатыгар умсугуйбутун, төрөөбүт дойдутун кэрэмэн айылҕатын, үлэһит дьонун, кинилэр олоххо тапталларын кинооператор кыраҕы хараҕынан дьүһүйэн көрдөрүөхтээҕин, онно кини арахсыспат аргыһын кытта доҕордоспутун, Саха сирин киэҥ нэлэмэн урсунан сэбиэскэй норуот үлэҕэ ситиһиилэрин, кыайыыларын, баараҕай тутууларын, төрөөбүт норуотун култууратын, ускуустубатын анал үрдүк үөрэхтээх киинэ операторын быһыытынан дьүһүйэн төрөөбүт-үөскээбит дойдутун дьонугар-сэргэтигэр эрэ буолбакка, бүтүн Сэбиэскэй Сойуус киинэтин көрөөччүлэригэр киинэ сурунаал быһыытынан көрдөрбүтэ.

Үйэтитии

Маҥнайгы идэтийбит киинэ оператора Саха сирин араас муннуктарыгар тиийтэлээбитэ. Бүлүүтээҕи ГЭС, алмаастаах Мииринэй, таас чохтоох Нерюнгри куорат баараҕай тутууларын, БАМ-ҥа тимир суол көмүс рельсаларын уурууну, хоту дойду хоһууттара балыксыттар, табаһыттар, сылгыһыттар күүрээннээх үлэлэрин барытын киинэ лиэнтэтигэр үйэтиппитэ. Бу барыта биһиги олорон ааспыт олохпут летопиһынан буолаллар. Кыраҕы хараҕа көннөрү киһи таба көрбөт түгэннэрин үйэтиппитин сөҕө саныыгын. Никандр Егорович бэйэтин үлэтигэр олус ирдэбиллээҕэ, киинэ ускуустубатын кистэлэҥнэрин баһылаабыта киносюжеттарыттан уонна сахалыы, нууччалыы суруйбут кинигэлэриттэн көстөр.

Дьону кытта бииргэ…

Кини үөрэҕи бүтэрэн кэлиэҕиттэн худуоһунньуктары, суруйааччылары, ускуустуба үлэһиттэрин кытары чугастык билсибитэ. Академик А. Н. Осипов, норуодунай худуоһунньук А. П. Мунхалов, искусствовед И. А. Потапов чугастык билсэр, алтыһар доҕотторо этилэр. Бэйэтэ уруһуйдуурун сөбүлүүрэ. Ол түмүгэр, Саха сирин худуоһунньуктарын айымньылаах үлэлэрин арыйан көрдөрөр «Искусство земли олонхо» диэн документальнай киинэни устубута.

Суруйааччылартан Семен Даниловы, Суорун Омоллоону кытта чугастыы сыһыаннааҕа, кинилэри анаан киинэ пленкатыгар үйэтиппитэ дьыл-хонук аастаҕын аайы ордук күндүтүйэн, сыаналанан иһэр.

Итини тэҥэ учуонай П. А. Лазаревы кытта Аллайыаха улууһугар Тирэхтээх диэн сиргэ сэлии өлүгүн ирбэт тоҥ сиртэн хостооһуну бары ымпыгын-чымпыгын устубута. Булчут дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт-үөскээбит буолан, туундара көтөрүн-сүүрэрин саҥата кэрэ муусука буолан иһиллибитэ. Онон бэркэ табыллан үлэлээбитэ даҕаны, сынньаммыта даҕаны.

Никандр Егорович бэрэпиэссэр Н. К. Антонов салалтатынан устудьуоннар сайыҥҥы диалектологическай эспэдииссэйэлэрэ сахалар түҥ былыр олоро сылдьыбыт сирдэринэн Үөһээ Өлүөнэнэн сылдьалларыгар киинэ операторын быһыытынан кыттыыны ылбыта. Онно суруктаах хайа ойуутун-бичигин, устудьуоннар олохтоохтору кытта көрсүһүүлэрин, бэрэпиэссэр Н. К. Антонов кэпсээнин сыыска-буорга түһэрбэккэ устубута.

Сахалартан бастакынан…

Никандр Егорович сахалартан бастакынан киинэни устууга «тоҥуу хаары тэлбитэ». Туох-баар устар тэриллэрин эт санныгар сүгэ сылдьан устара. Төрөөбүт Сахатын сирин устун сылдьан, 500‑тэн тахса киинэ сюжеттара “Илин Сибиир», «Сонуннар», “Пионерия” киинэ сурунаалларга тахсыбыттара. Итини таһынан, киинэ операторын, сценарист быһыытынан кыттыбыт 20‑чэ олох бэлиэ түгэннэрин хроникатын уонна 30‑тан тахса анал киинэни “күөх экраҥҥа” таһаарсыбыта. Олоҕун тиһэх сылларыгар, ыараханнык ыалдьыан иннигэр, Дьокуускайдааҕы культ-просвет училище устудьуоннарын киинэни устууга үөрэппитэ. Үөрэнээччилэрэ араас ньымаларга үөрэппитин махтанан туран ахталларын хаста да истибиттээхпин. Кини айымньылаах үлэтин бэлиэтээн, “Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ” бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.

Бииргэ алтыһан үлэлээбит кэллиэгэлэрэ И. С. Жараев, В. А. Томскай көҕүлээһиннэринэн, аудиовизуальнай нэһилиэстибэ киинэ тэриллэн, саха маҥнайгы киинэлэрэ, киинэ сурунааллара барыта биир сиргэ түмүллэр буолбуттара.

Никандр Егорович сүрдээх дойдумсах этэ, күннээх Күүкэйин, төрөөбүт-үөскээбит Күүлэтин олус таптыыра, ахтара. Биэнсийэҕэ таҕыстахпына, дойдубар аҕам дьиэтигэр олорон, Күүкэй оскуолатын оҕолорун хаартыскаҕа түһэрэргэ, киинэни устарга үөрэтэн уһуйуом диэн ыра санаалааҕа.

Хомойуох иһин, ол баҕа санаата туолбатаҕа. Олохтон эрдэ туораабыта.

В. В. Илларионов, филология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: