Саһыл Сыһыыга айан 45 сылынан
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү орто оскуолатын 1979 сыллаахха бүтэрбит 10 “В” кылаас үөрэнээччилэрэ, бэс ыйын 11-12 күннэригэр Саһыл Сыһыыга баран кэллибит. Бу айаммытын Саһыл Сыһыы 100 уонна кылааһынан сылдьыбыппыт 45 сылларыгар анаатыбыт.
1978 сыллаахха сааскы сынньалаҥ күннэригэр 9 “В” кылаас оҕолоро 18 буоламмыт пионер баһаатайбыт Елена Павловнаны кытары оптуобуһунан Амма улууһугар Саһыл Сыһыыга баран кэлбиппит. Бу айаммытын умнубаппыт, куруутун ахтабыт.
Елена Павловна Пинигина өр сылларга Төҥүлү орто оскуолатыгар пионер баһаатайынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Биһиги кылааспытын олус сөбүлүүрэ, оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри доҕордуу этибит, кылааспытыгар кыһанара, көмөлөһөрө. Билигин көрүстэрбит эрэ Елена Павловнаны хайаан да сылаас тылынан ахтабыт. Саһыл Сыһыыга айаммытын кини тэрийбитэ. Көлө, төлөбүр, түһэр сирбит туһунан барытын эрдэттэн кэпсэппит, былааннаабыт этэ, 18 оҕону соҕотоҕун илдьэ сылдьыбыта. Бу санаатахха, хорсун быһыы. Бачча оҕону ыраах илдьэ баран кэлии эппиэтинэһэ сыттаҕа дии. Хата этэҥҥэ баран кэлбиппит.
Уһуннук айаннаан гражданскай сэрии тыҥааһыннаах киирсиилэрэ буолбут сиригэр Саһыл Сыһыы алааска тиийбиппит. Экскурсовод Дмитрий Семенович Лонгинов манна буолбут сэрии туһунан сиһилии кэпсээбитэ. Хотоҥҥо бааһырбыт саллааттар сыппыттарын, иһэр уу суох буолан, хайдах курдук эрэйинэн ыраас хаары ылалларын, бу тэлгэһэ барыта хаан эбитин, 1923 сыллаахха 18 күннээх тоһууру тулуйан, Иван Строд хамандыырдаах кыһыл этэрээт кыайыылаах тахсыбытын туһунан кэпсээбитин күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппыт.
Былатыан Ойуунускай тыллара онно кутуллан кэлбиттэрэ:
Будулҕан тумаҥҥа, чыгдааннаах дьыбарга
Буорахпыт буруота бурҕаҥнаан олорор.
Түүннэри күннэри түрбүөтээн ытарга
Түннүктүүн үөлэстиин барыта доргуйар.
45 сыл буолан баран бэс ыйын 11 күнүгэр ахсыа буолан айаҥҥа туруммуппут. Түөрт көлөһөлөөх тимир көлөнөн сарсыарда эрдэттэн хоҥнубуппут. Паромҥа хоһоон айааччы, уус Петр Неустроевы-Айаанньа Ууһу көрсүбүппүт бэйэтэ туспа историческай түгэн, оҕо сааспытын санаһан элбэҕи кэпсэттибит. Аллараа Бэстээххэ бииргэ үөрэммит доҕотторбутугар Михаил, Евдокия Ивановтарга тохтоон ааспыппыт.
Дьэрэкээн сибэккинэн симэммит сыһыылары, алаастары сөҕө көрө-көрөбүт сэһэн-сэппэн тардан, айаммытын билбэккэ, бэрт сыыдамнык Аммабытыгар тиийбиппит. Кэрии тыаҕа кэҕэ кэпсэлинэн, чыычаах күйгүөрэр тойугунан, күлүмүрдүүр күн уотунан Амма биһигини сылаастык кууһан уруйдуу көрсүбүтэ.
Манна А.Н. Карманова турбааза аһан, Саһыл Сыһыыны дьоҥҥо көрдөрөр, кэпсиир эбит. Тута алааспытыгар сатыы хааман тиийдибит. Александра Никитична барытын сиһилии киһи хараҕар ойуулаан көрөрүн курдук кэпсээтэ. Билигин алааска улахан тутуу барбыт. Оччотооҕу дьиэлэртэн биир эрэ дьиэ ордубут. Балаҕан ыйыгар Аҕа баһылыкпыт А.С. Николаев Аммаҕа сырыытыгар мемориальнай комплексы саҥардан тутарга соруйбут эбит. Аҕыйах ый иһигэр барытын саҥардан “Уран” тутааччылара тупсаҕайдык, ис санааларын ууран туппуттарын көрөн сөхтүбүт. Саһыл Сыһыы этнографическай-мемориальнай комплекс тутуллубут.
Александра Никитична өр сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан элбэх бөлөҕү көрсүбүт. Кармановтар дьиэлэрин, ампаардары, хотону, тапчааҥка миэлиҥсэни, окуопалары барытын саҥардан оҥорбуттарын көрдөрдө. Алаас куулатыгар саха ыалын уһаайбатын толору көрдөрөр тутуу баар. Моҕол ураһа, балаҕан иһигэр киирэн кэпсээни салгыы иһиттибит. Турбааза үлэһиттэрэ сахалыы бэрт сэмэй дьон: Захарова Мотрена Николаевна, Адамова Мария Ивановна, Устинова Елена Дмитриевна, Карманов Тимур Васильевич — эйэҕэстик көрсөн, минньигэс аһынан күндүлээн, биһиэхэ бэртээхэй сынньалаҥы тэрийдилэр. Амма ыраас уутугар сөтүөлээн, сибэккинэн симэммит кырдалынан хааман, мүөттээх салгынын ыймахтаан күүс-сэниэ ылынныбыт, дуоһуйдубут, төннөн иһэр стеллаҕа хаартыскаҕа түстүбүт.
Сыыдам сырыылаах, аламаҕай майгылаах суоппарбытыгар Николай Семеновичка, турбааза үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Дьон-сэргэ сураһан, саҥаны билэргэ дьулуһан, Саһыл Сыһыыны көрө эһиэхэ тохтоло суох ыалдьыттаатыннар, дуоһуйа сынньанан, махтал тылларынан арчылаатыннар! Саһыл Сыһыы историятын билсиҥ, сэргээҥ, төрөөбүт дойдубут биир ураты кэрдиис кэмин умнумаҥ!
Вера ГОГОЛЕВА, Дьокуускай куорат 17-с №-дээх оскуолатын учуутала.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: