Саида Петрова: Электроннай счет-квитанцияны толоруҥ
Саха сиригэр олорор уонна киһи олорбот дьиэлэрин бас билээччи 7484 киһи халандаарынай ый бастакы чыыһылатыгар бэйэлэрин электроннай буосталарыгар хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүргэ счет-квитанцияны туталлар.
— Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын электроннай счет-квитанцията — элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уопсай баайы-дуолу хапытаалынайдык өрөмүөннээһин усунуостарын төлүүргэ төлөбүр докумуона. Кумааҕы докумуону кытта тэҥ юридическай күүстээх. Электроннай счет-квитанцияны толоруу табыгастаах. Тоҕо диэтэххэ, счет электроннай буостаҕа төлөбүр олохтоммут күнүгэр кэлэр. Ону хаһан баҕарар хачайдаан ылан төлүүгүн, чугас дьонуҥ счеттарын эмиэ төлүөххэ сөп, — диэн быһаарда “СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова.
Электроннай счет-квитанцияны хайдах толоруохха: Fondkr.ru диэн кылаабынай саайтка “Подать заявление” вкладкаҕа “О направлениее квитанций на электронную почту” шаблону хачайдааҥ уонна Fin@fondkr.ru бас билээччилэри кытта үлэҕэ отдел электроннай буостатыгар ыытыҥ.
Ыйыталаһар төлөпүөн: 8 (4112) 319-014
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: