Салгыы
Саида Петрова: Электроннай счет-квитанцияны толоруҥ

Саида Петрова: Электроннай счет-квитанцияны толоруҥ

23.09.2024, 12:06
Хаартыска: тустаах пуонда ыытта
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр  олорор уонна киһи олорбот дьиэлэрин бас билээччи 7484 киһи халандаарынай ый бастакы чыыһылатыгар бэйэлэрин электроннай буосталарыгар хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүүргэ счет-квитанцияны туталлар.

— Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын электроннай счет-квитанцията  —  элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уопсай баайы-дуолу хапытаалынайдык өрөмүөннээһин усунуостарын төлүүргэ төлөбүр докумуона. Кумааҕы докумуону кытта тэҥ юридическай күүстээх. Электроннай счет-квитанцияны толоруу табыгастаах. Тоҕо диэтэххэ, счет электроннай буостаҕа төлөбүр олохтоммут күнүгэр кэлэр. Ону хаһан баҕарар хачайдаан ылан төлүүгүн, чугас дьонуҥ счеттарын эмиэ төлүөххэ сөп, — диэн быһаарда “СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова.

Электроннай счет-квитанцияны хайдах толоруохха: Fondkr.ru диэн кылаабынай саайтка  “Подать заявление” вкладкаҕа “О направлениее квитанций на электронную почту” шаблону хачайдааҥ уонна Fin@fondkr.ru бас билээччилэри кытта үлэҕэ отдел электроннай буостатыгар ыытыҥ.
Ыйыталаһар төлөпүөн: 8 (4112) 319-014

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: