Салгыы
Сайабылыанньаны тутар “түннүктэр” аһылыннылар

Сайабылыанньаны тутар “түннүктэр” аһылыннылар

03.09.2023, 14:00
Хаартыска: Photo by form PxHere
Бөлөххө киир:

Күһүҥҥү булт сезона саҕаланна, доҕоттоор! Ол курдук, атырдьах ыйын 1 күнүттэн кыыл табаны, тыатааҕыны, чубукуну бултууллар.  Куһу уонна мас көтөрүн маассабайдык бултааһын атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан – 19 күнүттэн  көҥүллэммитэ. Ол иһин куска уонна мас көтөрүгэр көҥүлү биэриини эрдэттэн – от ыйын 19 күнүттэн саҕалаабыттара.

Бултаналлара хааччахтанар кыылларга – тыатааҕыга, киискэ, тайахха атырдьах ыйын 1 күнүттэн көҥүлү биэрэ олороллор. Куоракка уонна улуус­тарга ыытыллыбыт сэрэбиэй­дэһии түмүгүнэн. Ону тэҥэ кыылы-сүөлү харыстааһыҥҥа үлэлээбит дьон атырдьах ыйын 1 күнүттэн ыла сылдьаллар.

Куһу, мас көтөрүн, түүлээҕи бултааһыҥҥа көҥүлү биэриини “госуслуганан” туһанан күүскэ ыытыахтаахпыт. Оннук дьаһанарга СӨ Ил Дархана уонна СӨ Бырабыыталыстыбата сорудахтаабыттара. Ол иһин “госуслуга” нөҥүө сайаапка биэрии булчукка олус табыгас­таах. Ону e.yakutia.ru – өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай өҥөтүн нөҥүө биэриэх­хитин сөп.   Манан сибээс­тээн, Дьокуускайга сайабылыанньаны тутар хас да “түннүгү” арыйдыбыт. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы экологияны кэтээн көрүүгэ судаарыстыбаннай кэмитиэтин дьиэтигэр (202 мкр 18/2 куорпус­ка), Булт хаһаайыстыбатын уонна айылҕа ураты харыстанар сирдэрин департаменыгар (Курашов уул, 30/1, 309 кэб.), Биологическай ресурсалар департаменнарыгар (Свердлов уул, 14). Булчуттар тус бэйэлэринэн кэлэн эмиэ ылыахтарын сөп. Ону тэҥэ Элбэх хайысха­лаах киини кытта кэпсэтэн, куоракка Лермонтов уулусса 123 №-дээх дьиэтигэр баар Элбэх хайысха­лаах киин офиһыгар иниспиэктэрдэри олордобут. Манна булчут са­­йабылыанньатын суруйан, тута көҥүлүн ылан барарыгар олус табыгастаах, – диэн чопчулаата  СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин департаменын салайааччыны солбу­йааччы Анатолий Попов.

Маны сэргэ булчуттарга табыгастаах буоларын курдук, туйахтаах кыылларга эмиэ судаарыстыбаннай өҥөнөн сэрэбиэйдэ­һиинэн көҥүлү биэрэ олороллор.  Улуустардааҕы иниспиэксийэлэр эмиэ көҥүлү биэрэллэр.

Аны сотору кэминэн балаҕан ыйын 15 күнүттэн куобаҕы, саһылы бултааһын саҕаланара бу кэллэ.

Бултуур кэм саҕаламмытынан тыа сиригэр, хоту, куорат эҥээр даҕаны бэрэ­биэркэлиир-хонтуруолуур үлэ күүһүрдүллүбүтүн умнубаккытыгар сүбэлиибит. Холобура, бу са­­йыҥҥы-күһүҥҥү кэмҥэ 73 эриэйдэ ыытыллыбыт. Ол түмүгэр 216 буруйу кэһии тахсыбыта бэлиэ­тэммит уонна 19 саа былдьаммыт. Онон булчуттар булт быраабылатын тутуһаргыт булгуччулаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: