Сайда, үүнэ тур, тапталлаах Сахабыт сирэ!
Арассыыйа састаабыгар да олордор, Саха сирэ уруккуттан бэйэтин бэйэтэ салайынарга дьулуспута. Маһары Баһыакаптан саҕалаан, хас да үйэ устата бэйэ быраабын туруорсуу тохтооботоҕо: Сэһэн Ардьакыап “Сахалар тустарынан былаана”, Василий Никифоров-Күлүмнүүр Дьокуускайдааҕы Степной Дуумата барыта ити дьулуһуу баарын кэрэһилиир.
Автономия ылыллыыта
Бассабыыктар оҥорбут өрөбөлүүссүйэлэрин туһанан, 1922 с. муус устар 27 күнүгэр Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ. Бу бэйэтин кэмигэр улахан ситиһии этэ, өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит Максим Аммосовка, Платон Ойуунускайга, Исидор Бараховка, Степан Аржаковка уонна да атын кинилэр биир санаалаахтарыгар сүҥкэн эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Уолаттар бу соругу чиэстээхтик толорбуттара, бары хайысханан өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан хамсааһын, сайдыы саҕаламмыта.
Саҥа саҕахтар арыллыылара
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Михаил Николаев баһылыктаах Үрдүкү Сэбиэтэ XII ыҥырыылаах мунньаҕар “Саха ССР судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан” Декларацияны ылыммыта, Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ диэн ааттанан Арассыыйа Федерациятын тэҥ бырааптаах тутулуга суох субъега буоларын биллэрбитэ. 1991 сыл ахсынньытыгар өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин талар бастакы быыбарга Михаил Николаев итэҕэтиилээхтик кыайбыта, оттон Саха ССР Саха Өрөспүүбүлүкэтэ диэн уларыйан ааттаммыта.
1992 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабарга илии баттыыр күҥҥэ Саха сирэ РФ субъектарыттан соҕотоҕун экэнэмиичэскэй боппуруостарга бэйэтэ туспа сөбүлэһиигэ илии баттаабыта. Бу өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн оҥорууга уонна экэниэмикэтин сайыннарыыга сүрүн төрүт буолбута. 1992 сыл алтынньытыгар СӨ Сокуонунан өрөспүүбүлүкэбит былааҕа, ахсынньыга дьаралыга бигэргэммитэ.
Бу улахан суолталаах сыллары саха норуота мүччү туппатаҕа. Төрүт култууратын сөргүтүүнү аан дойду сайдыытын кытта дьүөрэлии тутан, иннин диэки эрэллээхтик барбыта.
Үрдэлтэн үрдэлгэ
ХХI үйэ чиэппэригэр хайыы үйэ тиийэн кэллибит. Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сыллардааҕы ситиһиилэри өссө улаатыннарар, кыаҕырдар дьүккүөрдээх үлэлиир.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата хара маҥнайгыттан үөрэхтээһиҥҥэ болҕомтотун уурбута, ити утум бу сыллары быһа тохтообото. Быйыл 3515 миэстэлээх 13 саҥа оскуола тутуллан киирдэ, киирээри тураллар.
Төһө да арҕаа дойдулар хааччахтыы сатааталлар, 90-с сылларга бастакы олуктара ууруллубут тэрээһиннэр үүнэ-сайда тураллар. Ол курдук VIII “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар быйыл төрүттэммит сиригэр-уотугар Дьокуускайга ыытылыннылар. Бу күннэргэ V Хотугу форум Арктика, Хотугу сир боппуруостарынан аан дойду учуонайдарын түмтэ. Биэс ый түмүгүнэн ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, бырамыысыланнас 9,7 бырыһыан үрдээбит. Чоҕу, кыһыл көмүһү, алмааһы хостооһун былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр улахан.
1992 с. тэриллибит “Сахафильм” киинэ хампаанньата билигин баарын дойдуга эрэ буолбакка, аан дойдуга биллэрдэ. “Экстра Синема” хампаанньа уонна НТИ сувереннай технологиялар пуондалара сылга 2 тыһ. кэриҥэ киинэни көрдөрөр проекторы оҥорууга инвестиционнай сөбүлэһии түһэристилэр. Быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа 163 млрд солк. 25 сөбүлэһии түһэрсилиннэ.
Саха сирэ билигин дойду биир саамай сыыппараламмыт эрэгийиэнэ буолар, креативнай индустрия эйгэтигэр лиидэрдэр ахсааннарыгар сылдьар. “Арктика синергията” үрдүк ускуорастаах сибээс лииньийэтин хоту улуустарынан тардыы быйылгыттан саҕаланыахтаах.
Амма суолун аспааллааһын саҕаланна. Олорор дьиэни тутуу үрдүк тэтимнээхтик барар. Ону таһынан быйыл 70-тан тахса социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Оҕо төрөөһүнүгэр дойдуга 8-с миэстэҕэ сылдьабыт. Бэс ыйын 18 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэ олоҕун, ситиһиилэрин көрөн-истэн, хайҕаан барбыта.
Санаалар
Будимир Слепцов, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
– 1988-1992 сс. үөрэх миниистирэ этим. 1991 сыл атырдьах ыйынааҕы путч кэнниттэн, совмин, обком үлэтэ барыта тохтотуллубута. Михаил Николаев бэрэсидьиэнинэн талыллан баран, 1992 с. миигин СӨ Бэрэсидьиэнин, Бырабыыталыстыбатын дьыалаларыгар управляющайынан анаабыта. Судаарыстыбаннастаах буоллубут, ол аата бэйэбитин бэйэбит көрүнүөхтээхпит диэн, 28 саҥа министиэристибэ тэриллибитэ. Дьэ манна каадыр көрдөөһүнэ, үбүлээһинэ, дьиэнэн-уотунан хааччыйыы – барытын биһиги дьаһайарбыт. Парламены тэрийии эмиэ сүктэриллибитэ. Михаил Ефимович өссө маннык соругу туруорбута: “Билигин биһиэхэ омук бөҕөтө кэлиэ-барыа, кинилэри түһэрэр, көрсөр, аһатар, олордор дьиэлээх-уоттаах буолуохтаахпыт”. “Тыгын Дархан” икки этээстээх этэ, түөрт этээһи эбии туттардыбыт, саҥа аэровокзал, комдрагмет үлэҕэ киирдэ. Ол сылларга аһатыыга, ыалдьыты көрсүүгэ омуктары аҕалан үлэлэтэрбит дуу диэн кэпсэтиилэр тахсыбыттара Бэйэбитигэр оннук таһымнаах каадыр суох буоллаҕа дии. Хата Намтан Иннокентий Тарбаховы, Мария Габышеваны аҕаллыбыт. Николай Шарапов диэн саха национальнай иһитигэр эскиз оҥорбут худуоһунньугу буллубут. Бэйэбит оҕолорбутуттан омуктуу саҥарар официаннар да көһүннүлэр. Инньэ гынан ити эйгэҕэ омуктары киллэрбэтэхпит. Хата саха аһа, иһитэ, таҥаһа үрдүк таһымҥа киирэн хаалбыта.
1993 с. Үрдүкү Сэбиэт тохтоон, Ил Түмэни тэрийдибит, быыбар буолла, 70 дьокутаат талылынна. Бэлэм сыбаайа түспүт сиригэр биир сылынан Ил Түмэн дьиэтин тутан, парламент туспа дьиэлэммитэ.
Ол саҕана сөмөлүөтүнэн омук сиригэр быһа көтөн тахсар этибит, онон таможня, пограничнай хонтуруол баар буолбута. Ити сылларга саха итэҕэлин тэҥэ православнай итэҕэли сөргүтүү саҕаламмыта. “Бэс Чагда” санаторийа ол сылларга тэриллибитэ. 10 сыл иһигэр Михаил Ефимович туох да сүҥкэн элбэх үлэни көрсүбүтэ, барыта саҥаттан оҥоһуллара. Коррупция эҥин диэн туох да суоҕа, бары үлэнэн үлүһүйэн олорбуппут. Ити сылларга үлэлээн-хамсаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин фундаменын оҥорсубуппутунан дьоллоохпун.
Анастасия Петрова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын магистратуратын 1 кууруһун устудьуона:
– Судаарыстыбаннас күнэ өрөспүүбүлүкэҕэ олорор норуоттары түмэринэн биһиэхэ барыбытыгар улахан суолталаах күн. Ыччат аатыттан этиэхпин баҕарабын, өрөспүүбүлүкэ биһиги туспутугар олус элбэҕи оҥорор: ыччат граннара, ыччат парламена баар, олохтоох урбаанньыттары, эдэр дьиэ кэргэттэри өйүүр, о.д.а. көмөтө элбэх. Биһиги үрдүк үөрэхтэрбит кыһаларын көмөтүнэн норуоттар икки ардыларынааҕы стажировкалары барабыт, чинчийиилэргэ кыттабыт. Тупса, сайда тур, тапталлаах Сахабыт сирэ, биһиги, эдэр көлүөнэ, эйигин салгыы сайыннарар туһугар бары кыһамньыбытын ууруохпут!
Мира Луковцева, Таатта улууһун Үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччыта:
– Таатта улууһа Саха АССР-ы төрүттэспит киһи Былатыан Ойуунускай дойдута буолар, онон өрөспүүбүлүкэбит бэлиэ күннэрин бары дьоһуннаахтык бэлиэтиибит. Судаарыстыбаннас күнүгэр П.А. Ойуунускай төрөөбүт дойдутугар Чөркөөххө сылын аайы СӨ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата кэлэн, төрөөбүт алааһыгар сибэкки дьөрбөтүн уураллар. Бу күн бары оскуолаларга кылаас чаастара ыытыллаллар, хоһооннору ааҕаллар. 2020 сылтан “Они стояли у истоков” диэн Нам, Таатта, Үөһээ Бүлүү улуустарынан судаарыстыбаннаһы төрүттэспит дьоннорбут үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтиирбит үтүө үгэскэ кубулуйда. Тус бэйэм оскуолаҕа үөрэнэ да, устудьуоннуу да сылдьыахпыттан Судаарыстыбаннас күнүн ураты суолталаах күн быһыытынан ааҕабын. Өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин бука барыгытын бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: