«Сайдыс» лааҕыр — идэҕэ туһулуур сезона

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун 3-с Мэлдьэхси нэһилиэгэр үһүс болдьоҕун «Сайдыс» оҕо сайыҥҥы лааҕыра үлэлиир. Үһүс сезон оҕолоро – идэни таларга хайысхалыыр тэрээһиннэргэ кытталлар.

Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу тэрээһиннэргэ «Күүстээх идэлэр» диэн анал бырайыак чэрчитинэн, улуус тэрилтэлэриттэн, араас идэлээх дьон бэйэлэрин ураты, дьоҥҥо туһалаах үлэлэрин туһунан кэпсииллэр, сырдатыы үлэтин ыыталлар. Оҕолорго, аҕыйах сылынан оскуоланы бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэнээри сылдьар кэнчээри ыччакка бу улахан олук, инники олохторугар тирэх буолара саарбаҕа суох.

Бу үтүө бырайыак хайысхатынан, от ыйын 18 күнүгэр, лааҕырга ураты идэлээх дьон: улуустааҕы кэтиир уонна сэрэтэр үлэни ыытар салаа салайааччытын эбээһинэһин толороччу Евгений Верховцев, дознаватель Максим Местников, кыра кээмэйдээх устар оҥочолор иниспиэксийэлэрин салайааччыта Дьулустаан Федоров уонна Төхтүрдээҕи баһаарынай чаас караулун начаалынньыга Леонид Бурнашов, суоппар Петр Ходулов кэлэн ыалдьытаан бардылар, оҕолорго иитэр-үөрэтэр үлэни ыыттылар.

Идэтийбит исписэлиистэр үгүһү кэпсээтилэр: устар ааллар тастарыгар ууга киирэр киһи олоҕор кутталлааҕын, тимирэн эрэр киһини хайдах быыһыырга сүбэлэр, баһаары сэрэтэр АДПИ тэрили, уоту умулларар күүгэннээх баллону хайдах туһанары, боевка – уоту утары охсуһар таҥаһы түргэнник бириэмэҕэ кэтэргэ, шланганы хайдах сөпкө холбуурга, туһанарга анал маастар-кылаастары көрдөрдүлэр, оҕолор сөҕүүлэрин-махтайыыларын ыллылар.

Сүрдээх үчүгэй сылаас тыыннаах, туһалаах, истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Оҕолор да, улахан да дьон сүргэлэрэ, санаалара көтөҕүллэн бириэмэни билбэккэ атаардылар. Үүнэн эрэр кэнчээри ыччаппытыгар кимиэхэ эрэ инники олоҕор, идэтин таларыгар бу түгэн улахан төһүү буолуоҕа диэн эрэнэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago