Салгыы
Сайдыы диэн, бу буоллаҕа!

Сайдыы диэн, бу буоллаҕа!

Ааптар:
18.08.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

Эмэнсийбит оҕонньор,  дьэ кэлэн сыарҕам сыҥааҕа хоҥнон, оҕо-эдэр сааһым биһигэ – ахтылҕаннаах төрөөбүт-үөскээбит дойдубар, Өлүөнэ эбэм илин кытылыгар  тахса сырыттым. 

“Эһиннибит-быһынныбыт, ордук тыа сирэ буорайда” дэһэн муҥатыйаллара, кэп туоналлара онно суоҕун, үрдүттэн  кураанах куолулааһын буоларын өссө төгүл итэҕэйдим диэххэ наада. Онто суох ылыммат да этим.

Аныгы отчут-масчыт тыа сирин дьоно аныгылыы тэринэн, тып курдук оҥоһуулаах, өссө толору хааччыллыылаах, киинтэн ититиллэр систиэмэлээх дьиэлэнэн-уоттанан, уһаайбаланан-тэлгэһэлэнэн  “быр курдук”  дьаһанан олороллоро санааны көтөҕө харахха быраҕыллар. Ыаллар олбуордарыгар, таһыгар да омук араас массыыналара, кытай хомурдуос курдук тыраахтардара, бэйэбит  “Бөлөрүүспүт”,  “Шассибыт” да, араас тиэхиньикэ анньыллан турара сүрдээх. Билигин сэбиэскэй кэмнээҕи курдук, киһини барытын үмүрү үүрэн, хаар түһүөр диэри күһэйэн оттотуу бэрээдэгэ умнуллан турар. Итиччэ тиэхиньикэлээх дьон от үүнүүтүн, ситиитин көрө сылдьан, аҕыйах хонук иһинэн наадыйар сыл тахсалларын  аа-дьуо сомсон ылаллар.

Тыа сиригэр дэриэбинэлэр, бөһүөлэктэр дьиэлиин-уоттуун, суоллуун-иистиин, тулалыыр эйгэлиин тупсан, сырдаан киһи хараҕа үөрэр, астынар. Урукку биһиги эдэрбит саҕана, 60-80-с сыллардааҕы курдук аһаҕас аҥайан турар хоруобуйалардаах самналлыбыт дьиэлэрдээх, ыһыллыбыт далгачыагынан, эрбэммит чууркаларынан толору  эрийэ-буруйа хараҥа уулуссалардаах бүтэҥи дэриэбинэлэр буолбатах.

Суол – сайдыы туоһута, олох хорук тымыра диибит. 60-с сыллартан аатырар Ньиэбэр суола тутуллан саҕаланыытын, хайыр тааһынан кутуллуутун оҕо эрдэхпиттэн билэбин. Дэриэбинэбит анныттан, Эбэ кытылыттан өрөһөлүү кутуллубут тааһы таһар самасыбааллар суоппардара кэбиинэлэригэр олордон таарыччы хатааһылаталлар этэ. Быыстала суох сырыылаах, үрүҥ күдэригинэн бүрүммүт хайыр таас суолга төһөлөөх массыына алдьаммыта-кээһэммитэ, суоппардар муҥнарын ытаабыттара буолуой?

Онтум баара, ат баһа төкүнүйэр  сып-сырдык, кэп-кэтит аспаал суол устун массыына иһигэр ыстакааннаах чэй да дьалкыҥнаабаттык айанныыр буолбуккун. Бэл, суол икки өттүнэн үүммүт оту охсор буолбуттарын бэри диэн бэккиһээтим. Аныгылыы өй-санаа, дьаһаныы  диэн бу буоллаҕа!

+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 69% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: