Салгыы
Сайдыы саҥа суолларын тобулар “Хаксык” кэпэрэтиип

Сайдыы саҥа суолларын тобулар “Хаксык” кэпэрэтиип

12.10.2024, 10:00
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ (СИА)
Бөлөххө киир:

Саха төрүт дьарыгын – хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи, табаны иитэр, олохтоох бородууксуйаны дэлэтэр туһугар туруулаһар Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ чугаһаата. Онон сибээстээн, бу сааскыттан быһа иитиэхтээбит санаабытын толорон, Хаҥалас улууһун Төхтүр сэлиэнньэтигэр баар “Хаксык” производственнай кэпэрэтиип хайдах үлэлиирин билсэ тахса сырыттыбыт. “Хаксык” быйыл үбүлүөйдээх 30 сыла эбит. Ол курдук, 1994 с. оччотооҕу “Өктөм” сопхуостан арахсан, туспа кэпэрэтиип тэриммиттэрэ. 

Сарсыардааҥҥы ыамы баттаһаары,  арочнай хотон таһыгар  массыынабыт хорус гына тохтоото. Ыанньыксыттар ынахтарын ыан бүтэрэллэрэ чугаһаабыт бадахтаах.  Хоп курдук, ыраас хотоҥҥо олоппостоох, биэдэрэ кыбыныы­лаах киһини көрбөккүн да диэххэ сөп. Аппараатынан ыыр буоланнар, үлэлэрэ түргэтээбит. Үлэлээбитэ 7 сыла буол­бут Сардаана Адамова этэринэн, биир ыанньыксыт 40-ча ынаҕы ыыр. Ып-ыраас үүт турбанан тиийэн, охладительга кутуллар. Манна аппарааты үлэлэ­тиигэ, үүтү хонтуруол­лааһыҥҥа ту­­таах үлэһит Анисья Шадрина буолар.  Ыабыт үүттэрин Дьокуускайдааҕы үүт собуота (Гормолзавод) Нөмүгүнэн эргийэн, күн аайы тиэнэн барар. Төһө үүт массыынаҕа кутуллубута барыта электроннай счетчикка көстөн турар эбит. Суоппар үүт сыатын, ырааһын тута анаалыстыыр.   Ыанньыксыттар Константин Колесов, Ирина Михайлова ынах синньин бэрт ыраас­тык сууйаллар, түргэн-тарҕан туттунуулаахтара харахха быраҕыллар. Кинилэр сарсыарда хотоҥҥо 5 чааска киирэн, алтаттан ыан бараллар. Манна 140 ыанар ынах турар. Сайылыктарыттан көһөн киирбиттэрэ биир нэдиэлэ буолбут, оннуларын-тойдорун булбуттар.

Ньирэйдэри иккиэ буолан көрөллөр. Халыматтан төрүттээх Октябрина Третьякова: “Хааһы сиэтэбиин”, – диэн халымалыы унаарытан саҥарар. Кини биэдэрэлээх хас хамсаныытын ньирэйдэр бэрт кыраҕытык кэтииллэр.

Биһиги үлэһиттэри кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэ сырыттахпытына, кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Тамара Осипова тиэтэйэ-саарайа киирэн кэллэ.

– Үс уопсайдаахпыт, онтон иккитигэр ыалларбыт олороллор уонна биир уопсай дьиэ. Хаһаайыстыбаннай ньыманан туппуппут. Гаастаах, уоттаах, ититэр ситимнээх. Бэл, баанньыктаахпыт. Онон үлэһиттэргэ олорор усулуобуйа баар. Эдэр сылдьан ыанньыксыттаан, бу үлэ хайдаҕын билэр буоламмын, сөптөөх усулуо­буйаны тэрийэргэ кыһанабын. Үлэһиттэр икки ыйга дуогабардаһан үлэлииллэр, онтон уон хонук сынньана бараллар. Хайдах сынньалаҥа суох бачча ыарахан үлэҕэ үлэлиэх­тэрэй? Быйыл сайын биригээдэ тэринэн, оттообуппут. Быйыл 650 т оту, 300 т сиилэһи бэлэмнээтибит. Оппут арыыга баар, онон билигин муус ту­­руор диэри сиир оттоох буолууну хааччынабыт. Сүөһү төрүөҕэ этэҥҥэ. Ынахха – 95 %, сылгыга – 65-70 % төрүөҕү ылабыт, – диэн хотонун көрдөрө сылдьан Тамара Афанасьевна кэпсээнин саҕалаата.

Бырагыраамаларга кыттыы туһалаах

Үчүгэйэ диэн кэпэрэтиип өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаа­йыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин “Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин” бырагырааматыгар кыттан сеялка, булуук, сенаж оборудованиетын, прицепной комбайны ылбыт. Сүүсчэкэ гектардаах бааһыналарыгар бурдук ыһан, күһүн сенаж, сиилэс бэлэмнээн, абыраммыттар. Быйыл тыа сиригэр олус көмөлөөх саҥа МТЗ-82 тыраахтардаммыттар.

– Дьиҥэ, министиэристибэбит араас куонкурус бөҕөтүн тэрийэр. Онно кыалларынан, бэйэбитигэр наадалааҕар-туһалааҕар көрөн,  кытта сатыыбыт. Ирдэбилгэ сөп түбэһэр хотонноох, сирдээх-уот­таах, бааһыналаах эҥин буолуохтааххын. Улууспут иһигэр Баһылык гранын ылыыга  эмиэ куонкурус ыытыллааччы. “Переработка мяса” диэҥҥэ киирсэ сылдьабыт. Тымнытар камера ыллыбыт.  Тэрилтэбитигэр маҕаһыыннаах­пыт. Үлэһит­тэргэ бородуукта биэрэбит, оттон биэнсийэлээхтэр иэс суруйтаран ылаллар. Онон нэһилиэккэ социальнай боппуруоһу быһаарарга көмөлөһөбүт. Маҕаһыыммыт сэлээркэ, бэнсиин атыылаһарбытыгар, өрөмүөн бытархай матырыйаалын эҥин ыларбытыгар сүрдээх туһалаах, – диир бэрэссэдээтэл.

Саҥа сыахтаахтар

Хаһаайыстыба былырыын астыыр-үөллүүр сыаҕы арыйбыт. Сыах дьиэтэ хотонтон көстөн турар, сабыс-саҥа. Онон эттэрин эрийэн, фарш бэлэмнээн, полуфабрикаттары  (кэтилиэт, фрикадельки уо.д.а.) оҥорон, ынах хаанын кутан  атыылыылларын нэһилиэнньэ хамаҕатык атыылаһар эбит. Соторутааҕыта буолан ааспыт Аҕам саастаахтар күннэригэр икки байтаһын ынаҕы туттан, атыылаабыттар.  Ону сэргэ нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэртэн туора турбаттар, успуонсардыыллар эҥин.

– Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар министиэрис­тибэ, улуус, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена, нэһилиэк дьаһалтата, дьокутааттар бары кыһаннахтарына, көмөлөөх уонна хамсатыылаах буолар. Холобура, биһиэхэ олохтоох дьоку­тааттарбыт үбүлээһини көрөллөр. Күрүөбүтүн, бааһынабытын саҥардабыт. Манна Төхтүр олохтоох уолаттара көмөлөһөн абыраатылар, – диэн чопчулаан бэлиэтээтэ Тамара Афанасьевна.

Ол эрээри үгүс тыа хаһаа­йыстыбатын тэрилтэлэригэр курдук, бэрэссэдээтэли каадыр боппуруоһа долгутар. Холобура, “Хаксык” кэпэрэ­тиип буҕаалтыр,  зоотехник, бэтэринээр, технолог курдук идэлээх исписэлиистэри көрдүүр.  Бэл, якт.ру кытта биллэрии биэрбиттэр да, уу чуумпу үһү. Переработканы-астааһыны сайыннарыан баҕалаах дьоҥҥо технолог ордук наада.

– Тамара Афанасьевна, саҥа хотон туттар са­­наалааххыт дуу?

–   Хомойуох иһин, сир суох. Хотон киһи олорор сириттэн 500 миэтэрэ тэйиччи буолуохтаах. Сайылыкпыт сиригэр туттуохпутун, онно сааскы өттүгэр уу ылар, онон тутуу ирдэбилинэн көҥүллэммэт.

– Үлэһиттэриҥ төһө хамнаһы аахсалларый? Ыйыппыппар, үчүгэй дэстилэр.

– Сайыҥҥы кэмҥэ төһө үүтү ыабыттарынан, 70 тыһ.солк. тиийэ аахсааччылар, кыһынын – 50 тыһ.

Дьэ, итинник үлэһиттэр сынньанар киэҥ-куоҥ хосторугар кэпсэтэ олордохпутуна, мотуор тыаһа ах барда. “Ыан бүттүлэр!” – диэтэ бэрэссэдээтэл.

Халлаан билиҥҥитэ сы­­лаас буолан, сарсыардааҥҥы ыам кэнниттэн хотонтон сүөһүлэрин таһаараллар. Ынахтар бостуук Руслан Меликов эрэллээх илиитигэр киирэллэр.

Бу курдук, “Хаксык” ­производственнай кэпэрэ­тиип кыстыкка киирдэ.  Барыта этэҥҥэ эрэ буоллун!  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: