Сайсары олохтоохторо мэргэ кыһалҕаларын этиннилэр

Share

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев Сайсары уокуругун олохтоохторун кытары көрсөн киин куорат маастар-былаанын дьүүллэстэ.

Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Бу иннинэ куорат генеральнай былаанын туһунан билиһиннэрээри олохтоохтору кытта көрсүһэрбэт кэмиттэн кэмигэр отчуоттаан иһэр буолуом диэн эрэннэрбитим – чуолаан, маастар-былаанынан туох тутуллубутун, тутулларын уонна салгыы инники былааннар тустарынан билиһиннэрэбин. Бүгүҥҥү көрсүһүү «Азия оҕолоро» оонньууга анаан 9 ый иһигэр тутуллан үлэҕэ киирбит  Ильмень аатынан уулусса баар ДЮСШ-9 саҥа успуорт саалатын тиэргэнигэр буолла. Уопсайынан, бүгүҥҥү күҥҥэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин өйөөбүт Дьокуускай куорат маастар-былаанын 23 бырайыага баар. Балар бары олоххо киириилэрэ араас кэмнээх, түһүмэхтээх», — диэн кэпсээтэ мэр Евгений Григорьев.

Куорат баһылыга салгыы, чуолаан, Сайсары уокуругар Сайсары күөл кытылын тупсарыы, Саха политехническэй лиссиэй оскуолатын эбии дьиэтэ уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах адаптивнай үөрэхтээһин комплекса тутулла турарын кэпсээтэ. Чайковскай уулуссатыгар дьоҕус архитектурнай пааматынньыктары туруоруу, үс уулуссаҕа – Винокуров, Макаренко уонна Притузов аатынан уулуссаларга хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ бара турар. Евгений Григорьев этэринэн, Сайсары уокуругун сүрүн кыһалҕатынан элбэх ахсааннаах хаарбах дьиэ баара буолар, ону салгыы көһөрүү саҥа бырагырааматынан быһаарыахтара, ол бырагыраама билиҥҥи «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраамата бүттэҕинэ саҕаланыахтаах.

«Олохтоохтор куорат маастар-былаана олоххо киириитэ, өр кэмҥэ турбут кыһалҕалары быһаарарга көмөлөөҕүн бэлиэтии көрөллөрө кэрэхсэбиллээх, ол туһунан дьон бэйэлэрин санааларын мунньахха эттилэр: хаарбах дьиэттэн көһөрүү, оскуола аттыгар массыынаны туруорар миэстэ суоҕа, суол үлэһиттэрэ бытааннык үлэлииллэрэ, оптуобустар кыраапыгы тутуспаттара. Көтөҕүллүбүт боппуруостар салгыы быһаарарга боротокуолга киирдилэр. Маннык көрсүһүүлэр куорат атын уокуруктарыгар салҕанан барыахтара», — диэн куорат баһылыга санаатын үллэһиннэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

52 минуты ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

13 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

13 часов ago