“Сайсарыга” билигин сыана хайдаҕый?
31.07.2023, 12:00
Хаартыска: Ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:
Сибиэһэй балыгы мииннээн иһэртэн ордук туох кэлиэй. Бэл, собо миинин истэххэ үчүгэйдик утуйаҕын дииллэр.
Дьокуускайга «Сайсары» бааһынай ырыынагар Кэбээйи сибиэһэй собото атыыланар. Собо сыаната ыараабыта — 380 солкуобай.
Собо сыанатын дьэдьэн сыаната куоһарар. Дьэдьэни барыанньалаабакка, саахарга булкуйан, киилэтин 5 тыһыынчаҕа батараллар. Барыанньатааҕар амтана ордук дииллэр.
Моруоска киилэтэ — 3000 солкуобай. 3 киилэлээх истикилээҥкэҕэ кутуллубут моонньоҕону 1800 солк. атыылаатылар.
Онон быйаҥнаах сайын сатыылаан, атыыһыттар сэргэхсийбиттэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: