«Сайсарыга» эт сыаната түстэ дуо?
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.19-1060x576.jpeg)
Бу күннэргэ олохтоох ас-үөл сыанатын көрө, баҕар атыылаһа таарыйа диэн, «Сайсары» ырыынакка бара сырыттыбыт. Сарсыарда буолан, дьон олох аҕыйах.
Эт, балык, отон арааһа үгүс. Ынах кутуругуттан саҕалаан куобахха тиийэ атыыланар. Куобаҕы сыанатын быйыл 2 тыһыынча солкуобайынан быспыттар. Куорат дьоно хото атыылаһаллар дииллэр эргиэмсиктэр.
Убаһа этэ бу күһүн 2 тыһ. солк. тиийэ сылдьыбыта, билигин идэһэ кэмэ саҕаланан, сыаната арыый түспүккэ дылы. 800 солк. саҕалаан 1800 солкуобайга диэри атыыланар. Убаһа хаана 1800-2000 солк., хатта киилэтэ 1500 солк.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.15-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.19-e1709607585748.jpeg)
Ынах этин сыаната эмиэ араастаһар. 650 солк. саҕалаан 1000 солк. тиийэр.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.13-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.17.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.18.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.18-1.jpeg)
Сибиэһэй таба этин атыыга таһаарбыттар. Анаабыртан аҕаллыбыт диэннэр киилэтин 450-800 солк. атыылыыллар.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.13-e1699940097275.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.15-e1699940070455.jpeg)
Кэбээйи собото саамай улахана уонна сыаналааҕа — 400 солк. Чэпчээбитэ 250 солк.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.19-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.22-1-—-kopiya.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.22.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.22-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.21-1.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.20.jpeg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2023/11/whatsapp-image-2023-11-14-at-14.12.21.jpeg)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: