Салгыы
“Сайсарыга” сайыҥҥы сыана хайдаҕый?

“Сайсарыга” сайыҥҥы сыана хайдаҕый?

Ааптар:
02.07.2023, 11:10
Диана Новгородова хаартыска түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Самаан сайын итии күннэриттэн дьоҥ–сэргэ сөтүөлээн, күлүктээх сиргэ сөрүүкээн быыһанар. Ол эрээри, куйаас, тыала суох күннэргэ уонна сөтүө кэмэ арылла илигинэ, дьон хайдах сылаастан куотарый? Маннык түгэҥҥэ, сир уонна оҕуруот аһа, минньигэс фрукталар көмөҕө кэлэллэр. Дьокуускайга бааһынай ырыынакка фрукта уонна оҕуруот аһа арааһа элбээбит. Дьон бу күннэргэ тугу сөбүлээн, хас солкуобайга атыылаһарын туһунан билистибит.

Сайын Саха сиригэр эҥин–араас минньигэс, экзотическай фрукталар уонна үүнээйилэр кэлэллэр. Дьон-сэргэ черешня, нектарин, виноград арааһа атыыга тахсарын астына күүтэр. Биллэрин курдук, дьон саамай сөбүлээн атыылаһар сирэ “Сайсары” бааһынай ырыынак буолар. Бу ырыынак улахан ас-үөл талыытынан уонна чэпчэки сыанатынан биллэр.

Оҕурсу, помидор

Атыыһыттар бэлиэтииллэринэн, бу күннэргэ дьон оҕуруот аһыттан үксэ оҕурсу, помидор уонна хортуоппуй ылаллара элбээбит. Онтон фрукталартан — банан, черешня, арбуз ордук ылаллар эбит.

Манна атыыга оҕурсу арааһа баар. Сибиэһэй оҕурсу биир киилэтэ 350 солкуобай, бэҕэһээҥҥи оҕуруот киэнэ — 270. Кэлии оҕурсуттан — узбекскай, онтон маннааҕыттан — Саюри, Жатай, ону таһынан Тулагы бородууксуйаларын атыылыыллар. Помидор киилэтэ ортотунан 250 солкуобай. Хаачыстыбата төһө үчүгэй буоларыттан сыаната үрдүк эбэтэр намыһах буолар. Атыыһыттар этэллэринэн, дьон үксэ Саюри уонна Жатай бородууксуйатын сөбүлээн ылар эбит.

Ону таһынан, дьон хортуоппуйга наадыйара улааппыт. Кэлии хортуоппуй биир киилэтэ 130 солкуобай. Онтон ааспыт сыллаах Нам улууһун хортуоппуйун киилэтэ 65 солкуобайга атыыланар.

Арбуз, банан

Фрукталары ылан көрдөххө, черешня биир киилэтэ 450 солкуобай. Арбуз киилэтэ барыллаан 120 солкуобайга турар, ол эрээри сорох сиргэ чэпчээбитэ 100 солкуобайга булуохха сөп. Банан киилэтэ ортотунан 180–200 солкуобай курдук.

Кыһыҥҥы сыаналары кытта тэҥнээн көрдөххө, сайыҥҥы кэмҥэ ас-үөл сыаната, кыратык да буоллар, чэпчээбитэ бэлиэтэнэр. Ол да буоллар, ырыынак сыаната биир таһымҥа турбакка өрүү хамсыы сылдьар.

Убаһа этэ киилэтэ балтараа тыһыынча

Эт бородууксуйатыттан — ынах, сылгы уонна таба этэ атыыга бааллар. Ынах этин биир киилэтэ чэпчээбитэ 650 солк., ыараабыта 850 солк. турар. Дьон таба этин сөбүлээн ылара биллэр, “таба этэ быдан сымнаҕас, деликатес буоларыттан дьон астына ылар” — диэн атыылааччы бэлиэтиир. Таба этин киилэтэ — чэпчээбитэ 550 солк., ыараабыта 800 солкуобай. Сыаната төһө элбэх эттээҕиттэн, сыалааҕыттан тутулуктаах. Мантан ыарахан сыанаҕа сибиэһэй убаһа этэ атыыга баар. Биир киилэтэ — 1300–1500 солкуобай.

Балык арааһа

Атыыга балык арааһа эмиэ баар эбит. Билигин дьон чыыры сөбүлээн ылар, ону таһынан хатыыс, кэтэ балык, уомул уо. д.а. атыылаһар. Чыыр чэпчээбитэ 850 солк., ыараабыта 1500 солкуобайга турар. Муҥур сыаната төһө бөдөҥүттэн уонна сыалааҕыттан тутулуктаах. Кэтэ балык сыаната — 500 солк., уомул — 650 солкуобай.

Ону таһынан, бааһынай ырыынакка персик, абрикос, клубника, мандарин арааһа баар. Оҕуруот аһыттан моркуоп, сүбүөкүлэ, луук, хаппыыста уо. д.а. оҕуруот аһа атыыланар.

Диана Новгородова суруйуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: