Сайсарыбыт тупсуо, киэркэйиэ!

Share

Олорор сир-уот тупсарын, киэркэйэрин, сайдарын, олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир кыахтанарын ким барыта долгуйа күүтэр. Онуоха «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагырааманан  үлэ тиһиктээхтик салҕанара сүргэни көтөҕөр.

Быйыл Дьокуускайга Сайсары уокуругар Чайковскай уулусса 30/1 уонна 30/2 аадырыстарга тупсаран оҥоруу уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэригэр өрөмүөн үлэтин саҕалыахтара. Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үөрүүлээх сонуну олохтоохторго «Тиэргэн бырааһынньыгын» тэрээһинигэр Сайсары уокуругун Управатын баһылыга Владимир Слепцов иһитиннэрдэ. Ыйыллыбыт дьиэлэр олохтоохторо дизайн-бырайыагы оҥорууга көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар махтанна. Маны сэргэ, Дьокуускай куорат баһылыгын Евгений Григорьев аатыттан  Кеша Алексеев 12/2 аадырыһыгар турар икки мэндиэмэннээх мас дьиэ ыстаарыстатыгар Нэлли Васильевна Сугонякинаҕа олорор түөлбэтин сайыннарыыга кыһамньылаах үлэтин бэлиэтээн туран махтал суругу туттарда.

Төрөппүттэргэ, оҕолорго туһаайан 25 №-дээх оскуола дириэктэрэ Иван Захаров сайыны туһалаахтык атааралларыгар баҕарда.

«Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ 20-с уонна 25-с №-дээх оскуолалар үөрэнээччилэрэ кэлбиттэрин көрөбүн. Оҕолор, сайыҥҥы күнтэн күүс-уох ылаҥҥыт, астына-дуоһуйа сынньанаҥҥыт аны күһүн үөрэх дьылын үөрэ-көтө көрсөргүтүгэр баҕарабын«, — диэтэ кини уонна «Тиэргэн бырааһынньыгын» тэрийээччилэргэ махтанна. Салгыы 18-с №-дээх оскуола баһаатайдара оҕолорго көрдөөх, сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары оонньоттулар.

Дьон-сэргэ Сайсары уокуругар тупсарыы үлэ ыытылларыттан улаханнык үөрэн, сэргэхсийэн тарҕастылар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago