Сайылыкка көһүү –инникигэ эрэл

Share

Орто дойду олоҕор хайа баҕарар киһи олоҕун олугун хорук тымыра, хамсатар күүһэ итэҕэл буолар. Итэҕэллээх эрэ буоллаххына, Үрдүк Айыылар сылаас тыыннарыгар сыламныыгын, кинилэр сырдык сыдьаайдарыгар сууланаҕын, тоҕус аартык үктэллэригэр үктэнэҕин.

Саха киһитэ барахсан оччоттон баччаҕа диэри дьылҕа бэлэҕэ буолан бэриллибит кылгас кэмҥэ – са­­йыҥҥа уһун кыһыны быһа үҥэн-сүктэн бэлэмнэнэр, уйгуну-быйаҥы сомсор. Уйгу-быйаҥ диэтилэр да – үрүҥ илгэни, үрүҥ илгэ диэтилэр да хороҕор­коон муостаах, эбиркээн ойуулаах, үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэр, эмис эти дэлэтэр ынах сүөһүбүтүн саныыбыт.

Өбүгэ дьоммут сап саҕаттан үөскээн-төрөөн кэлбит көмүс уйалара – хотонноох балаҕаннара бииргэ тутуллан, бэйэ-бэйэлэрин сылаастарын бэрсэн, уһун кыһын кыһарҕанын туорууллара. Сыл устата кыстыктан са­­йылыкка, сайылыктан кыстыкка көһүүгэ улахан суолта биэрэллэрэ, болҕомто уураллара. Кыстыкка да, сайылыкка да сүөһүгэ анаан анал күрүө-хаһаа олус кичэллээхтик оҥоһуллара.

Сайылыкка көһүү кэмэ да кэрэтинэн, уйгута-быйаҥа да үгүөрүтүнэн олус күүтүүлээх-кэтэһиилээх, долгутуулаах буоллаҕа. Үктэммит сириҥ үкэр күөх, хаампыт сириҥ хампа күөх, сүүрбүт сириҥ солко күөх, хамсанныҥ да хаарыс солко суугуна ама ким нохтолоох сүрэҕин долгуппат буолуой?! Сайылыкка сөрүүн сөлөгөй салгын күүлэйдиир, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрэр үрүйэтэ титиик буолар. Инньэ гынан, сайылыкка көһүү сиэрэ-туома титииктэн саҕаланан салгыы хааччахха, тиэрбэскэ тахсан сүөһүнү алҕааһын буолар. Үрүҥ илгэ иҥнин, сыа-арыы аҕаатын диэн ураа муостааҕы суоратынан сотон, сүһүөхтээх бүдүрүйбэтин, эгээннээх тэмтэрийбэтин туһугар, мэҥириир ньирэй эбиллэрин, маҥырыыр ынах ханалыйа хаамарын, байтаһын сүөһү бастакылыырын туһугар ийэ тыл күүһүнэн салгын кутунан салайтаран, буор кутунан моһойторон, түптэ буруотун унаарытан, алаадьы сытынан тунуйан, тойук туойан, аал уоту оттон алгыс тылын амалыйа этэллэр.

Титиик сүөһүлэрэ эмиэ сиэргэ-туомҥа “кыттыстылар”

Бу маннык күн сиэр-туом ыытыллар. Ол курдук, «Баҕарах» ХЭТ сайы­лыкка көһүүтүн сиэрин-туомун Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинин «Арчы» дьиэтин уонна «Тускул» култуура киинин кэлэктииптэрэ бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн ыыттылар. Сайылыкка тиийбиппит, этэргэ дылы, хаамардыын, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйбыт, сэргэх сэбэрэлээх үлэһиттэр сэгэччи соҕус туттан, ис-истэриттэн сырдаан бэйэ-бэйэҕэ эрэллэрэ, титииктэригэр итэҕэйиилэрэ, сырдык күүстэргэ итэҕэйиилэрэ күүстэригэр күүс, санааларыгар санаа эппиккэ дылы буолбута биһигини эмиэ сүргэбитин көтөхтө. Бэл диэтэр, сүөһүлэр даҕаны саастаах өттө эдэр-мэник өттүлэрин күөйэ тутарга дылы туттан, хайдах эрэ атын турукка сылдьаллара көстөр.

Алгыһы, арчылааһыны ылынарга тиҥэһэ оҕус, ыанар ынах, бэҕэһээ төрөөбүт ньирэй кэккэлэһэн тураллара көрөргө үчүгэйэ астык. Титиик сүөһүлэрэ сахалыы сиэри-туому ылынан, иҥэринэн баран, күөх дуолга мэччийэ тиэтэйэ-саарайа кудуччу-хадыччы хааман таҕыстылар. Сиэр-туом ыытыллар сиригэр алаадьы сыта дыргыйда, түптэ буруота унаарда. Ситэри симэммит ситии быа салама буолан, кустук араас өҥүнэн оонньоон титириктэри, чэчир мастары сэргэхситтэ, хас биирдии кэлбит киһи үтүө санаатын туомтуу баайан баҕа санаата туоларыгар бүк эрэннэ. Ол кэннэ Евдокия Павлова кылыһахтаах кыҥкынас куолаһынан оһуохайынан уруйдаата, ­эһиэхэйинэн эҕэрдэлээтэ.
Сиэр-туом ыытыллыбытын кэннэ сахалыы сайыны, сайылыгы уруйдуур-айхаллыыр Клавдия Онуфриева, Даниил Санников, Алексей Калининскай уо.д.а. ырыалара киэҥ нэлэмэн хонууга куйаар устун эҥээрийдэ. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ “Тускул” КК иһинэн үлэлиир кэлэктииптэрбит «Чэлгийэ», «Сайдам», «Төрүт ас» кэлэн көмө-тирэх буолбуттарыгар махталбыт улахан. Бары даҕаны сүрэхтэригэр-дууһаларыгар сайылык диэн сырдык, сылаас өйдөбүлү чугас илдьэ сылдьар далбардар сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэлэн ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, оһуо­хайдаан бардылар. Алгысчыт Петр Кычкин кынат буолар далбардарынаан тыл-өс маанытын, өй санаа өркөнүн тиэрдэрдии ылыннарыылаахтык эттэ-тыынна.

“Автокулууп” уонна Баҕарах

Бу маннык тэрээһин Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинигэр баар көһө сылдьан үлэлиир уотунан-күөһүнэн, тыас-дорҕоон аппаратуратынан, бэл диэтэр көрөөччү ыскаамыйатыгар тиийэ хааччыллыбыт автокулууп баар буолан, олус үрдүк таһымнаахтык ааста.

«Бу автокулууп «Култуура» нацио­нальнай быра­йыагынан үп-харчы көрүллэн атыылаһыллыбытын бэлиэтээн этэн туран махталбытын тиэрдэбит» – дэһэллэр «Арчы» дьиэтин уонна “Тускул” КК салайааччылара Лариса Константиновна Андреева уонна Валентин Азотович Чепалов.

«Баҕарах» ХЭТ салалтата уонна кэлэктиибэ маннык улахан дириҥ суолталаах тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыккытыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит диэн ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.

“Мантан инньэ үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрүө”

«Баҕарахтар» уустук кыстыгы этэҥҥэ туораан сайылыкка, күөххэ үктэнэннэр үөрүүлэрэ үгүөрү. Бу күҥҥэ «Кыһыл Күөл» сайылыгар 7 ыанньыксыт 50-55 ынахтаах таҕыста. Сайылыкка оҕо-уруу үөрэ-көтө сылдьара хараҕы сылаанньытар, сүрэҕи манньытар. Манна хас да көлүөнэ Олесовтар, Грязнухиннар, Гермогеновтар уо.д.а. бааллар. Былаан быһыытынан, сүөһү сайылыкка тахсыбыт күнүттэн кыстыкка бэлэм саҕаламмыт.

Ульяна Степанова:

– Сайылыкка көһүү бэйэтэ туспа турук, үөрүү-көтүү уонна, биллэн турар, түбүк. Ол эрэн, үөрүүлээх түбүк (мичээрдиир). Үлэбит автоматоризированнай буолан, биирдии бэ­­йэбитигэр 56-58 тиийэ ынахтаахпыт. Ынахтарбыт күөххэ үктэнэн, бэйэбитин кытта тэҥҥэ үөрсэргэ дылылар. 7 ыанньыксыт баар. Бостууктардаахпыт, оробуочай уолаттар кэлэн бэлэмнэнии үлэтин күүскэ ыыппыт буоланнар, үлэлииргэ усулуобуйа баар.

Екатерина Олесова:

– Мин 1994 сыллаахха Хатас сиригэр үктэниэхпиттэн күн бүгүҥҥүгэ диэри бу кэлэктииппэр баарбын. Арай, аата-суола, салайааччылара улары­йаллар. Ол да буоллар, сүөһү иитии­тэ, сүөһүттэн бородууксуйа ылыы билигин да баарыттан үөрэбин эрэ буол­лаҕа дии. «Баҕарах» ХЭТ исписэ­лиистэрин кытта тэҥҥэ сылдьан үрүҥ илгэ төгүрүк сыл баар буоларыгар үлэлэһэбит, онон маассабай төрүөҕү таһынан былаан быһыытынан атын ыйдарга эмиэ төрүөҕү ылабыт. Ол иһин, ынахтарбыт кыралаан билигин даҕаны төрүүллэр. Ньирэйдэрбитин 10 күн ийэтин үүтүнэн аһатан баран, салҕыы ньирэй көрөөччүлэргэ туттарабыт. Билигин үлэлииргэ усулуобуйа барыта баар.

Сайылыкпытыгар уоппутун­күөспүтүн киллэрдилэр, олорор дьиэлэрбитигэр саҥа лино­леум тэлгээтилэр. Элбэх оҕолоохпун, сиэннэрдээхпин. Быйыл бэйэбин кытта бастакы кылааһы бүтэрбит Мичийэбин илдьэ сылдьыам. Оҕом улаатан сүүнэ киһи буолан илии-атах буолан абырыыр.

Юрий Грязнухин:
– Кыыспынаан Полиналыын үлэлиибит. Полинам ыанньыксыттыыр. Мин өрөмүөн үлэтигэр баарбын. Бу көстүлэр да, онно тута кыстыкка бэлэммит саҕаланар.

Хамнаспытын төлүүллэр, бэл диэтэр абаансаланабыт. Ыанньыксыттар сайын хамнас­тара биллэ улаатар, билигин мэччирэҥҥэ таҕыстылар да, көрдөрөн туран үүт эбиллиитэ барыа. Маннык кэлэн сахалыы сиэри-туому ыытан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн сэргэхситэн барбыккытыгар улахан махтал.

Манна даҕатан эттэххэ Юрий – «Тускул» КК биир саамай тутаах кэлэктиибэ – «Айхал» үҥкүү ансаамбыл аһыллыаҕыттан, төрүттэниэҕиттэн сылдьар тутаах киһибит.

Наталья РУФОВА, Хатас

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

47 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago