Сайыммыт хайдах буолуой?

Халлаан сылыйан, күн уһаан, аны хайдах сайын кэлиэн үгүс киһи билиэн баҕарар. Күнү-дьылы кэтээн көрөр дьон араастаан этэллэр. Оту-маһы, үөнү-көйүүрү, көтөрү-сүүрэри кэтээн көрөн маннык билгэлииллэр эбит.
— Ыам ыйа ардахтаах буоллаҕына, балаҕан ыйыгар кураан буолар,
— хатыҥ сэбирдэҕэ тыллар кэмин иннинэ эрдэ тылыннаҕына, сайына итии, куйаас буолар,
— хатыҥ уута элбэх сааһыгар ардахтаах сайын кэлэр,
— хатыҥ сиһиктээҕэр хойутаан тылыннаҕына, ардахтаах, тыаллаах, хаҕыс сайыны күүтүллэр,
— хатыҥ сиһиктээҕэр эрдэ тылыннаҕына, ыраас күннэрдээх, быстах, дохсун ардахтаах, ичигэс сайыны күүтүллэр,
— үтүө, өҥ сайыҥҥа үрүмэччи элбэх буолар,
— үгүрүө хойуутук кэлбит дьылыгар, өҥ сайын буолар,
— түүлээх үөн эрдэ тиллэн элбээбит дьылыгар сайынын кураан буолар,
— тиит туораҕа элбэх сайыныгар, бурдук үүнүүтэ үчүгэй буолар,
— тиит мутукчата уһун уонна хойуу буоллаҕына, өҥ, үүнүүлээх сайын кэлэр,
— өҥ дьыл кэлэригэр кумаар элбэх буолар,
— өҥ дьылга кутуйахтар хорооннорун хонууга хасталлар,
— өҥ сайын кэлэригэр саас кэлиитэ көхтөөх, уулаах-хаардаах буолар,
— лыах элбэх буоллаҕына – өҥ сайын.
И.Сосин, И.Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: