Хаартыска: Людмила Попова.
Халлаан сылыйан, күн уһаан, аны хайдах сайын кэлиэн үгүс киһи билиэн баҕарар. Күнү-дьылы кэтээн көрөр дьон араастаан этэллэр. Оту-маһы, үөнү-көйүүрү, көтөрү-сүүрэри кэтээн көрөн маннык билгэлииллэр эбит.
— Ыам ыйа ардахтаах буоллаҕына, балаҕан ыйыгар кураан буолар,
— хатыҥ сэбирдэҕэ тыллар кэмин иннинэ эрдэ тылыннаҕына, сайына итии, куйаас буолар,
— хатыҥ уута элбэх сааһыгар ардахтаах сайын кэлэр,
— хатыҥ сиһиктээҕэр хойутаан тылыннаҕына, ардахтаах, тыаллаах, хаҕыс сайыны күүтүллэр,
— хатыҥ сиһиктээҕэр эрдэ тылыннаҕына, ыраас күннэрдээх, быстах, дохсун ардахтаах, ичигэс сайыны күүтүллэр,
— үтүө, өҥ сайыҥҥа үрүмэччи элбэх буолар,
— үгүрүө хойуутук кэлбит дьылыгар, өҥ сайын буолар,
— түүлээх үөн эрдэ тиллэн элбээбит дьылыгар сайынын кураан буолар,
— тиит туораҕа элбэх сайыныгар, бурдук үүнүүтэ үчүгэй буолар,
— тиит мутукчата уһун уонна хойуу буоллаҕына, өҥ, үүнүүлээх сайын кэлэр,
— өҥ дьыл кэлэригэр кумаар элбэх буолар,
— өҥ дьылга кутуйахтар хорооннорун хонууга хасталлар,
— өҥ сайын кэлэригэр саас кэлиитэ көхтөөх, уулаах-хаардаах буолар,
— лыах элбэх буоллаҕына – өҥ сайын.
И.Сосин, И.Неустроев “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн.
Суһал-сэрэтэр тэрээһиннэр саҕаланыахтарыттан полиция үлэһиттэрэ омук дьоно олорор, үлэлиир 3,2 тыһыынчаттан тахса эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээбиттэр. Бу…
Быйылгы тэрээһиҥҥэ физкултуура уонна успуорт эйгэтигэр хас да саҥа анал аат туттарыллыаҕа. Сыл бастыҥ күрэсчиттэрин,…
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэҕэ ылыллар кубуоталарын 5 тыһыынчаҕа тиийэ улаатыннарыахтара диэтэ Дьарыктаах буолуу…
Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар 17 саастаах уол итии уу турбата тэстэн эчэйбит. СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын…
Ил Дархан Айсен Николаев «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кыттан, коррекционнай оскуола оҕолорун Жанна Горохова уонна…
2025 сыл 11 ыйын устатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 13,3 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэммит (+8,0 %, 12,3…