Салгыы
Сайын 10-17 саастаах оҕолор тимир суолунан 50% чэпчэтиилээх тарыыбынан айанныахтара

Сайын 10-17 саастаах оҕолор тимир суолунан 50% чэпчэтиилээх тарыыбынан айанныахтара

Ааптар:
04.03.2023, 10:52
Егор Карпов хаартыската
Бөлөххө киир:

«РЖД» тимир суол хампаанньата ахсыс сылын 10-17 саастаах оҕолорго от ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри 50% чэпчэтиилээх билиэт атыылыыр быһаарыныыны ылынар.

Бу чэпчэтии оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр дойдубут сирин-дойдутун кэрийэн сынньаналларын көҕүлүүр.

Ааспыт сайын бу курдук чэпчэтиинэн 3,1 мөлүйүөн оҕо туһаммыт, ол аата сылтан сыл бу чэпчэтиинэн туһаныы улаатан иһэрэ көстөр. Ол курдук, 2021 сыллааҕар 25,6% элбэх оҕо 50% чэпчэтиилээх тарыыбы туһаммыт. Сэттэ ааспыт сыл устата 17 мөлүйүөн 10-17 саастаах оҕолор тимир суолунан чэпчэтиилээх билиэтинэн айаннаабыттар.

Чэпчэтиилээх билиэти кулун тутар 4 күнүттэн эрдэ сакаастыахха сөп. Бу чэпчэтии Арассыыйа иһинэн айанныыр бары уопсай уонна плацкарт ыраах айанныыр вагоннарга атыылаһыахха сөп. Ону кытта төрдүс сылын бу чэпчэтиигэ хапсар саастаах оҕолор икки этээстээх купе вагоннарга чэпчэки сыанаҕа айанныыр кыахтаахтар. 

Чэпчэтии айан сыанатыгар эрэ тарҕанар, айан кэмигэр оҥоһуллар өҥөлөр толору сыананан төлөнөллөр. Чэпчэтии түргэн пуойастарга тарҕаммат. Билиэттэри «РЖД» акционернай хампаанньа саайтыгар, «РЖД Пассажирам» сыһыарыыга атыылаһыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: