«РЖД» тимир суол хампаанньата ахсыс сылын 10-17 саастаах оҕолорго от ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри 50% чэпчэтиилээх билиэт атыылыыр быһаарыныыны ылынар.
Бу чэпчэтии оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр дойдубут сирин-дойдутун кэрийэн сынньаналларын көҕүлүүр.
Ааспыт сайын бу курдук чэпчэтиинэн 3,1 мөлүйүөн оҕо туһаммыт, ол аата сылтан сыл бу чэпчэтиинэн туһаныы улаатан иһэрэ көстөр. Ол курдук, 2021 сыллааҕар 25,6% элбэх оҕо 50% чэпчэтиилээх тарыыбы туһаммыт. Сэттэ ааспыт сыл устата 17 мөлүйүөн 10-17 саастаах оҕолор тимир суолунан чэпчэтиилээх билиэтинэн айаннаабыттар.
Чэпчэтиилээх билиэти кулун тутар 4 күнүттэн эрдэ сакаастыахха сөп. Бу чэпчэтии Арассыыйа иһинэн айанныыр бары уопсай уонна плацкарт ыраах айанныыр вагоннарга атыылаһыахха сөп. Ону кытта төрдүс сылын бу чэпчэтиигэ хапсар саастаах оҕолор икки этээстээх купе вагоннарга чэпчэки сыанаҕа айанныыр кыахтаахтар.
Чэпчэтии айан сыанатыгар эрэ тарҕанар, айан кэмигэр оҥоһуллар өҥөлөр толору сыананан төлөнөллөр. Чэпчэтии түргэн пуойастарга тарҕаммат. Билиэттэри «РЖД» акционернай хампаанньа саайтыгар, «РЖД Пассажирам» сыһыарыыга атыылаһыахха сөп.
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга Кадеттар оскуола-интэринээттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылы түмүктүүр, кэлэр…
"Тойота Ипсум" массыына суоппара Дьокуускайтан Бүлүүлээн иһэн, федеральнай суол 419-с килэмиэтиригэр тохтоон турар "Скания" тырааныспарга…
Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга Кадеттар оскуола-интэринээттэригэр 11 чаастан Ил Дархан 2024 сылы түмүктүүр, кэлэр…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Нерюнгрига итирэн баран…
Сунтаар улууһугар куруутун үтүɵ дьыала ɵрɵ тутуллар. Бу күннэргэ Дьокуускай куораттан олус улахан харыйа бэлэх…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ полиция салаатын дьуһуурунай сааһыгар судаарыстыбаннай тэрилтэ үлэһитэ гардеробтан кууркатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит. Бу…