Сайын аҥаарыгар 23 киһи ууга былдьанна

Share

Сайын аҥаарыгар Саха сиригэр уопсайа 23 киһи ууга былдьаммыт. Онтон биэһэ сааһын ситэ илик оҕолор буолаллар. Маннык сыыппараны Саха сирин быыһыыр сулууспата көрдөрөр.

Үгүстүк иэдээннээх быһылааннар сөтүөлүүргэ анамматах сирдэргэ сөтүөлээһинтэн тахсар. Бүтэһик түгэн бу сотрутааҕыта, от ыйын 16 күнүгэр Дьокуускай куорат 203  оройуонугар эдэр киһи ууга түһэн былдьаммыта.

Быыһыыр сулууспа биэдэмэстибэтэ сэрэтэринэн, арыгы иһэн баран ууга киирэр олус сэрэхтээх. Киһи дабылыанньата итииттэн, арыгыттан эмискэ тахсан баран тымныы ууга киирдэххэ соһуччу түһүөн сөп. Ол түмүгэр киһи уҥан хаалан тимириэн сөп диэн сабаҕалыыллар.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

От ыйыгар төрөөбүт оҕолор сахалыы ааттара

От ыйа — сайын үгэнэ, сайын оройо. От-мас сибэккитэ, туораҕа ситэр. Үрэх кытылыгар сардаана сибэкки…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьонтон толлубат, боотургуох көрүҥнээх эһэ

“Булчуттар бүгүн ытынан суоллаан көрүөхтэрэ”, - диэтэ баһылык Тоҕо эрэ кэлиҥҥи кэмҥэ эһэ нэһилиэнньэлээх пуун…

33 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

«Тойота Камри» массыынаны күрэппиттэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 8  буруйу оҥоруу тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай дьыалалары…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын быһа эпииргэ көрдөрүөхтэрэ

От ыйын 4-5 күннэригэр Нерюнгри оройуонугар аан бастаан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕа ыытыллар.  Бүгүн, от ыйын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куоракка уоту араарыахтара

Бүгүн,  от ыйын 3  күнүгэр, куорат үрдүнэн быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтэ буоларынан  сибээстээн, күн устата…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дохсун ардах, тыал, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу, хотугулуу-илин өттүгэр кыралаан ардыаҕа.   Ленскэйгэ, Мииринэйгэ,…

2 часа ago