Сайын бастакы ыйа — бэс ыйа

Сайын бастакы ыйа — бэс ыйа

01.06.2024, 06:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бэс ыйа Алгыһы, уруйу-айхалы кытта аргыстаһа сылдьар буолан, кини кыаҕа-күүһэ муҥура суох улахан.

Бэс ыйа ахсынньыны батыһар. Сайыҥҥы кэм  саҕаланыыта. Үрүҥ Айыы ыйа. Бу ыйга туох барыта сириэдийэр, ситэр. Кэҕэ этэн чоргуйар, чыычаах ырыата аҕыраабат, күөлгэ балык күннээн ыыр. Толоон, сыһыы аайы сибэкки ситэр: намыһах налыы сиргэ — таҥара кийиитэ, кулун ньургуһуна, чуораанчык. Оттон талах анныгар тураах атаҕа, кырдалга — алтан от Ийэ сири  симиир. Ходуһаны араас от киэргэтэр, дьикти кэрэ үрүмэччи көтөн тэлимниир. Бу барыта — бэс ыйа!

Сайылыкка тахсыы

Ый саҕаланыытыгар саха ыала сайылыкка тахсар. Титииктэр тиэргэннэригэр түптэ буруота унаарар, маныыһыт сайдыыра иһиллэр, ынах маҥырыыр, атыыр оҕус айаатыыр, ньирэй мэҥириир. Ити барыта — самаан сайын саҥата.

Бэс ыйыгар ыһыы үлэтэ бүтэн, хомуурга бэлэмнэнэллэр. Ыһыах ыйа буолан, дьон биэ ыан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыахтар түһүлгэлэригэр ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары уохтаах кымыһынан, үтэһэлээх этинэн күндүлүүллэр. Илии-атах оонньууларыгар күрэхтэһэллэр, оһуокайдаан ойоллор, ырыа-тойук, көр-нар тардыллар, сүүрүк аттары сырыһыннараллар.

Бу ыйга саамай уһун күннэр тураллар. Саамай сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥҥи уонна сарсыардааҥы саһарҕалар оонньууллар. Ый 21-с күнэ — саамай уһун күн, саамай кылгас түүн. Ый саҕаланыытыгар тыал үүнээйини кэҕиннэрэр, ииннэрэр эбит буоллаҕына, ый бүтэһигэр тыал от-мас сиэмэлэрин ыһар, кэлэр сыллааҕы кэскили түстүүр.

Бэс ыйын билгэтэ

Бэс ыйын 3 күнэ – Саар Көстөкүүн Таҥара күнэ. Анды үгэннээн киирэр. Сайылык малааһына.
Бэс ыйын 16 күнэ – Хотугулуу арҕааттан тыалырдаҕына, сайына ардахтаах.
Бэс ыйын 19күнэ – Күн уһуна 19 чаас 46 мүнүүтэтэ. Мантан ыла бэс 23 күнүгэр диэри биир таһымҥа 4 күн турар.
Бэс ыйын 19 күнэ – От ыйын ортотугар хатыҥ туоһун хастааһын кэмэ.

Бэс ыйын 21 күнэЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Бу күн этиҥнээх ардах түстэҕинэ — от хомуура мөлтөх.
Бэс ыйын 22күнэ — Саамай уһун күн. Саамай кылгас түүн
Бэс ыйын 25күнэ —  Сайын иэҕиллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. “Күлгэри ыллыыр” дииллэр.
Бэс ыйын 26 күнэ —  Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Мас кэхтэр тыала туһэр. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: