Сайын хаһааҥҥыттан саҕаланар?

Share

Үгүстэр Ньукуолун күнүттэн сайын саҕаланар дииллэр эрээри, ити кэмҥэ муус өссө да ситэ барбакка,  салгына тымныы, от-мас төһө да көҕөрбүтүн иһин, ситэ илик буолар. Оччотугар дьиҥнээх сайын хаһааҥҥыттан саҕаланар?

“Саха төрүт культурата” кинигэҕэ сурулларынан, сайыҥҥы кэм барыта 75 үтүө күннээх, түөрт кэрдиис кэмҥэ арахсар:

  1. Сайын сибикитэ – 11 күн, бэс ыйын 4-15 күннэрэ.
  2. Сайын саҕаланыыта – 28 күн. Бэс ыйын 15 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри.
  3. Сайын муҥутааһына – 21 күн. От ыйын 13 күнүттэн атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри.
  4. Сайын кэхтиитэ – 15 күн. Атырдьах ыйын 4-18 күннэрэ. Отон буһар, тэллэй үүнэр.

Оттон “Күн-дьыл эргиирэ” кинигэҕэ: “Бэс ыйын 3 күнүттэн сайын саҕаланар. Сити күн ыаллар сайылыкка көһөллөр. Сахалар дөлүһүөн сибэккитэ ситиитин сайын кэлбитинэн сыаналыыллар. Бу ыйга көтөрдөр сымыыт баттыыр үгэннэрэ” – диэн суруллар.

Маны тоҕо суруйабын диэ, сахалар сайын хаһааҥҥыттан саҕаланарын чопчу билбэппит. Ыам ыйын 22 күнэ үүннэ да, сайын кэлбитинэн уруйдаһыы буолар. Атыттар бэс ыйын 3 күнүттэн, сорохтор бэс ыйын 4 күнүттэн дэһэллэр.

Ньукуолунтан саҕаланарын үгүс киһи ылыммат, нууччалартан киирии уонна соҕуруу дойдуларга тэҥнээтэххэ Саха сиригэр күн-дьыл хойутуур диэн быһаараллар. Биир-икки күн оруолу оонньообот, бэс ыйын 3-4 күннэриттэн саҕаланар диэн уопсай этиэххэ сөп буолуо эрээри, дьыл атын кэмнэрэ бу мантан эмиэ быһаччы тулуктааҕын быһыытынан, чопчу биллэрэ ордук курдук. Онон бүгүн: “Сайын кэлбитинэн!” — дэһэбит дуу, суох дуу…

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Куомуннаһан тэрилтэ харчытын сиэбиттэр

Нерюнгри куорат борокуратуурата түөрт киһи холуобунай дьыалатынан буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кинилэр РФ холуобунай кодексатын 159 …

9 часов ago
  • Сонуннар

Үлэнэн иитиллии

Ханнык баҕарар киһи бу орто дойдуга олоҕо араастык ааһар. Прасковья Осиповна эринээн Бүөтүрдүүн үс оҕону…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Сөпкө тыына үөрэниэҕиҥ

Киһи тыҥата 1 чааска ортотунан 5-17 лиитирэ углекислай гааһы, 50 грамм ууну таһаарар. Мүнүүтэҕэ ортотунан…

10 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эрдэҕэс саастаах оҕо түүннэри сылдьар буоллаҕына…

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо уопсастыбаннай миэстэҕэ түүннэри сылдьара сэрэхтээх. Киниэхэ бэйэтигэр даҕаны, ону сэргэ…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Муусука истэ турдаҕына төлөпүөнүн былдьаабыттар

Уулуссаҕа дьонтон төлөпүөнү, суумканы уоруу, былдьааһын биирдэ эмит тахсар. Биир оннук түбэлтэ Дьокуускайга таҕыста. Полиция…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

60 саас кэннэ иммунитет бөҕөргүүр дуо?

Киһи сааһыран истэҕин ахсын иммунитет систиэмэтэ уларыйар. Маннык уларыйыыны иммуносенесценция дииллэр. Киһи дьаҥтан, ол-бу ыарыыттан…

11 часов ago