Сайын кэлэн, киһи дьиэҕэ олоруон баҕарбат. Айылҕа тыллар, симэнэр кэмигэр киһи дууһата ураты кэрэ сирдэргэ талаһар. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр сайын ханнык сирдэргэ сылдьыахха, сынньаныахха сөбүй?
Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдан иһэр. Чааһынай туроператордар элбээн, чугастыы киин улуустарга дьону таһаллар, сырытыннараллар. Оттон ыраах, суола-ииһэ суох сирдэргэ биирдиилээн хампаанньалар илдьэллэр эрээри, омук дойдутугар тахсардааҕар ыарахан буолар.
Ол курдук, “Чучуна-Трэвел”, “ИнЯкутия”, “Территория Севера”, “Якутия-трип”, “Томпо-трип”, “Якутия-трэвелс”, “ЛенаТур”, о.д.а. турхампаанньалары үөрэтэн көрөн баран, сүрүннээн маннык маршруттар баалларын таллым.
Өймөкөөҥҥө быйыл от ыйын 1-2 күннэригэр Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онон турист ахсаана биллэ элбиэҕэ. Хайалаах буолан, Өймөкөөн суола бэйэтэ умнуллубат кэрэ көстүүлэрдээх.
Уус Ньара бөһүөлэгин аттыгар Киһилээх, Таас Кыстаабыт, Афродита хайалара, кыһыл балыктаах Хороту күөл, Тарыҥнаах бааллар. Түмэллэргэ, Чысхаан резиденциятыгар, Олоҥхо ыһыаҕын Аал Луук маһыгар сылдьыахха сөп.
1 суукка устата айанныыгын, эбэтэр, Хаандыгаҕа хонон ааһыахха сөп. Туур уһуна – 5-6 күн.
Сыаната – 50-60 тыһыынча солкуобай. Өймөкөөҥҥө бэйэҥ барар буоллаххына, такси сыаната – 7 тыһыынча солкуобай, кэлэ-бара – 14 тыһыынча солкуобай.
Лабыҥкыр күөлгэ айан – Томтор сэлиэнньэтиттэн вездеходунан, мотуордаах оҥочонон, квадроциклынан айан, мас дьиэҕэ, балааккаҕа хонуу, чубукуну бултааһын, эбэтэр, хаартыскаҕа түһэрии, балыктааһын күүтэр. Айан уһуна – 10-11 хонук.
Буотама өрүһүнэн устуу – 2-3 күннээх. Оптуобуһунан илдьэллэр-аҕалаллар, 8 км сатыы хаамыллар. Бизонарийга, “Өлүөнэ остуолбалара” национальнай пааркаҕа сылдьыы, хайаҕа ыттыы баар буолуон сөп. Булгунньахтаахха диэри мотуордаах оҥочонон илдьэллэр.
Сыаната – 9-10 тыһыынча.
Сиинэ өрүһүнэн устуу – уһуна 3, эбэтэр, 8 күн. Сиинэ бөһүөлэгиттэн турбаазаҕа айан. Аһылыга, турбаазаҕа олоруу, устуу сыаната киирэ сылдьар. Эбэтэр, Бэрдьигэстээхтэн вездеходунан эмиэ барыахха сөп.
Сыаната – 20-43 тыһыынча солкуобай.
Булуус-Күрүлүүр-Туруук Хайа – уһуна 1 күн.
Сыаната – 4-5 тыһыынча солкуобай, оҕоҕо – 3 тыһыынча солкуобай. Эбии киирии билиэттэргэ туспа төлүүгүн: “Булуус” баазаҕа – 250 солкуобай, “Туруук Хайа” – 200 солкуобай, “Күрүлүүр” – 250 солкуобай.
Еланка-Улахан Кэтэмэ – айан уһуна 1 күн. Улахан Кэтэмэ хаспаҕар, Еланкаҕа сылдьыы, Өлүөнэ өрүһүнэн устуу киирэр.
Сыаната – 6 тыһыынча солкуобай.
Еланка-Өлүөнэ очуостара-Тукулаан – 1 күннээх. Аара Суруктаах хайаны көрөн, Булгунньахтаахтан мотуордаах оҥочонон өрүһү туораан баран, Өлүөнэ очуостарыгар тахсыы, киэһэ кэлэн иһэн, Тукулааҥҥа сылдьыы.
Сыаната – 7500 солкуобай, “Өлүөнэ очуостара” пааркаҕа киирии – 500 солкуобай.
Хаандыга хайаларыгар айан – уһуна 4-5 күн. Күрүлгэннэргэ, тарыҥнарга сылдьыы, 1500 м үрдүктээх хайаларга ыттыы, вездеходка хатааһылааһын, турбааза дьиэлэригэр, “раскладушка” оронноох балааккаларга хонуу, баанньыкка суунуу киирэр. Хаандыгаҕа ГУЛАГ түмэлигэр сылдьыахха сөп.
Суол уһуна – 600 км кэриҥэ.
Сыаната – 16-20 тыһыынча солкуобай.
Сайын буолла да, үгүс дьон Аммаҕа баран сөтүөлүүрүн, дьэдьэнниирин сөбүлүүр. Балаакканан түһэн сытан сынньаналлар. Ону тэҥэ, кэнники сылларга турхампаанньалар дьону аҕыйах хонуктаах өрүһүнэн устууга илдьэр буоллулар.
Амма өрүһүнэн устуу Абаҕаттан Дьаам диэн сиргэ, эбэтэр Мээндигигэ диэри 3 күннээх буолар. Иккис күнүгэр Харама хайатыгар ыттыы, өрүскэ сөтүөлээһин, балыктааһын, катамарааннарынан устуу буолар. Балаакканы, устар тэриллэри биэрэллэр, кутааҕа ас буһараллар. Дьокуускайтан илдьэллэр-аҕалаллар.
Сыаната – 8-12 тыһыынча солкуобай.
Үөһээ Амма бөһүөлэгиттэн Өнньүөскэ диэри устуу – уһуна 390 км, айан 10 күннээх. Балыктааһын, сөтүө, тыытыллыбатах айылҕаҕа сынньаныы, балааккаҕа хонуу.
Сыаната – 58 тыһыынча солкуобай.
Аллайыаха, Аллараа Халыма улуустарынан, Чокуурдаахтан Индигир өрүһүнэн, кыратык хотугу муораҕа тахсан устан, онтон Сундуруун үрэҕин өксөйөн, 105 км сатыы хааман, туундара ортотугар турар, 30 миэтэрэ үрдүктээх Сундуруун таастарыгар уустук айаны “ИнЯкутия” турфирма тэрийэр.
Айан 14 күннээх, атырдьах ыйыгар буолар. Манна бэлэмнээх, улахан баҕалаах экстремал-туристар сылдьаллар, үксүгэр атын дойдулартан, эрэгийиэннэртэн анаан кэлэллэр.
Сыаната – 137 000 солкуобай.
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…
Саха сирэ "Патриотическай" ТОР федеральнай бырагыраама иитинэн 2024 сылга тиэхиньикэни тиэрдии былаанын толордо. Ол курдук,…
Нидерландыга 12 киһи улахан супермаркеттан тоҥ сугуну атыылаһан сиэн баран А гепатитынан ыалдьыбыт. Дойду уопсастыбаннай…