Быйыл сайын улуустар, куораттар лааҕырдарыгар барыта 58 тыһыынчаттан тахса оҕо сынньаныа.
Бу сайын уопсайа 521 лааҕырга 58,6 тыһ. оҕо сылдьара былааннанар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайыытынан ыытыллыбыт оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын уонна доруобуйаларын чэбдигирдиини тэрийии туһунан боппуруостарга биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕар этилиннэ.
Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, байыаннай сулууспалаахтар оҕолоругар (6 аҥардарыттан 18 диэри саастаахтарга) өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйаны чэбдигирдэр лааҕырдарга босхо путевкалар бэриллэллэр. Ол курдук, «Сосновый бор» кииҥҥэ, «Кэскил», «Связист» куорат таһынааҕы лааҕырдарга, Наукалар аччыгый академияларыгар, Сунтаар улууһугар Кэмпэндээйигэ «Сир уустара» кииҥҥэ сынньаныахтарын сөп.
Маны сэргэ, байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро миэстэтигэр сынньаналларын уонна доруобуйаларын чэбдигирдинэллэрин хааччыйарга муниципальнай тэриллиилэргэ эбии субсидия көрүллүө.
Быйыл улуустарга уонна куорат уокуруктарыгар уопсайа 426 күнүскү лааҕырга, 38 куорат таһынааҕы стационарнай лааҕырга, 39 үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырыгар, 18 балаакканан лааҕырга оҕолору ылыахтара.
Тэрилтэлэргэ санитарнай-эпидемиологическай түмүгү ыларга сайабылыанньалары биэрии үлэтэ саҕаланна. Үлэһиттэр мэдиссиинэ көрүүтүн, санитарнай-гигиеническэй бэлэмнэниини ааһаллар, быһыыны ылаллар.
Улуустары уонна куорат уокуруктарын кытары «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020-2024 сылларга уонна былааннаах 2026 сылга диэри үөрэҕириини сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан субсидияҕа сөбүлэһиини түһэрсиигэ үлэ ыытыллар.
Маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэ таһыгар сынньанарга уонна доруобуйаларын чэбдигирдинэллэригэр 840 тахса оҕону ыытары былаанныыллар.
Маны таһынан, оҕо уон спортивнай лааҕырыгар, итинтэн 7 стационарнайга уонна үс күнүскү, сынньалаҥ уонна доруобуйаны чэбдигирдинэр лааҕырга тыһыынчаттан тахса оҕо хабыллыа. Бу успуорт 14 араас көрүҥүнэн дьарыктыыр лааҕырдар Чурапчыга, Алдаҥҥа, Уус Алдаҥҥа, Сунтаарга, Намҥа, Хаҥаласка бааллар.
Түмүккэ Сергей Местников муус устар 20 күнүгэр диэри сөбүлэһиини түмүктүүллэригэр уонна ыам ыйын 10 күнүгэр диэри үп-харчы тиэрдиллэригэр соруйда. Кини, маны сэргэ, СӨ Үөрэх министиэристибэтэ Тырааныспар министиэристибэтин кытта оҕолору улуустартан Дьокуускайга лааҕырдарга аҕалыы уонна өрөспүүбүлүкэ таһыгар ыытыыга тырааныспар боппуруоһун оҥорон чопчулуулларыгар соруйда.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…